Дьокуускайга Ленин болуоссатын уларытан оҥорооһун үлэтэ кыраапык быһыытынан баран иһэр. Ол туһунан «Актуальное интервью» биэриигэ тутуу управлениетын салайааччы Любовь Папок эттэ.
«Болуоссат реконструкцията кыраапык быһыытынан баран иһэр. Билигин демонтаж үлэтэ бүттэ. Сирин кытта үлэ барар, фонтан олоҕо турар котлованын хаһаллар. Ааспыт нэдиэлэттэн тутуу матырыйаалын тиэйии-таһыы саҕаламмыта. Хантараак алтынньыга бүтэр былааннаах, ити эрээри биһиги үлэни түргэтэтэр соруктаахпыт, сайын болуоссаты үлэҕэ киллэрэр курдук», — диэтэ Любовь Папок.
Бырайыакка көҕөрдүү, киирэр-тахсар суол, тротуардар, сухой фонтан, 13 м үрдүктээх сэргэлэр холуонналары тутуу үлэтэ киирсэр.