«Триумф» спорт киинигэр тохсунньу 30 күнүгэр көҥүл тустууга куорат чемпионата буолуоҕа. Күрэхтэһии РФ физкультураҕа уона спортка үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх тренерэ Валерий Петрович Керемясов аатыгар ыытыллар.
Көбүөргэ өрөспүүбүлүкэ бастыҥ спортсменнара тахсыахтара. Коронавирус дьаҥын тарҕаппат сыалтан, көрөөччүтэ суох ыытыллыаҕа, туох баар санитарнай ирдэбил тутуһуллар.
Бырагыраамаҕа:
Тохсунньу 30 күнэ
08.00-08.30 – Медицинскэй хонтуруолу ааһыы, ыйааһын: 57, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 92, 97, 125 кг
10.00-18.00 – Барыллаан, финал аҥардааҕы уонна санааны бөҕөргөтөр киирсиилэр
12.00-12.30 – Күрэхтэһиини арыйыы
18.00-19.00 – Финал, кыайыылаахтары наҕараадалааһын.