27 Муус устар 27.04
  • -1°
  • $ 92,01
  • 98,72

Бэрдьигэстээххэ президент гранын пуондатынан сайыҥҥы оҕо дьыссаата үлэлиэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр сайыҥҥы оҕо саада «Сардаана» дьыссаат баазатыгар үлэлиэҕэ. Оҕо тэрилтэтигэр сылдьыы босхо, төрөппүттэр бэйэлэрэ үлэлиэхтэрин сөп.

Бэрдьигэстээх бырайыага президент гранын пуондатыгар 2024 сыл бастакы куонкурсугар кыайда.

«Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр оҕо саас сылыгар, пуонда дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр бырайыактарга болҕомто уурбута олус үөрүүлээх. Бырайыак уратыта диэн оҕолор төрөппүттэрэ сайыҥҥы дьыссаакка бэйэлэрэ үлэлиэхтэрин сөп», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.

11 вакансияттан биэһигэр төрөппүтү үлэҕэ ылар былааннаахтар (кастелянша, дьиэ хомуйааччы, олбуор ыраастааччы, куухуна оробуочайа). Онон, төрөппүттэр сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорун таһыгар сылдьан, хамнас аахсар кыахтаналлар. Бу кыра дохуоттаах ыалларга улахан көмө буолуоҕа, суруйда ЯСИА.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА