Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Т-34 аатырбыт сэбиэскэй тааҥка прототибын тимиртэн оҥордулар. Сотору кэминэн, Кыайыы 75 сылыгар анаан, болуоссакка таһаарыахтара диэн СИА иһитиннэрэр.
“Тааҥка макетын олохтоохтор дьаһалта сакааһынан оҥордулар. Дьокуускай куоракка Кыайыы болуоссатыгар турар тааҥка холобур буоллат. Барыллаан макетын хортуонунан тутан, салгыы дьиҥнээх үлэтигэр киирбиттэрэ. Болдьоҕор бүтэрдилэр, онон сотору кэминэн бөһүөлэккэ дьон көрүүтүгэр таһаарыахпыт”, — диэн кэпсээтэ СИА-ҕа бөһүөлэк баһылыга Юрий Колмаков.