Дьокуускайга IX регионнааҕы идэ маастарыстыбатын чемпионата саҕаланна. Инбэлиит, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт «Абилимпикс» тэрээһиҥҥэ 64 үөрэнээччи уонна устудьуон кыттар.
«Чемпионат 2019 сылтан ыытыллар, бастаан биир эрэ компетенция баара — медицина социальнай көрүүтэ. Билигин куонкурус алта компетенциялаах, 12 хайысхалаах. 64 киһи кыттыаҕа, 50 эксперт сыаналыаҕа», — диэтэ Дьокуускайдааҕы медицина колледжын инновационнай бэлиитикэҕэ дириэктэри солбуйааччы Александра Новикова.
Күрэхтэһиилэр кулун тутар 11 — 15 күннэригэр ыытыллаллар. Компетенциялара: «Визаж», «Прикладная эстетика», «Ногтевой сервис», «Медицинский и социальный» уход», «Медицинский и лабораторный анализ», «Зубной техник».
Кыайыылаахтар национальнай чемпионакка кытталлар, Москваҕа алтынньыга буолар.