22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Жатай баһылыга бөһүөлэккэ нотариальнай уокурук, суут учаастага тэриллэрин туруоруста

16:02, 21 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Жатай» бөһүөлэгин быһылыгын Евгения Исаевалыын көрүстэ.


Евгения Исаева бөһүөлэккэ хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан аҕыс этээстээх олорор дьиэ тутуута бара турарын иһитиннэрдэ. Дьиэ сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэн, 10 аварийнай туруктаах дьиэ олохтоохторо саҥа дьиэҕэ киириэхтэрин эттэ.

«Концессионнай сөбүлэҥ быһыытынан, федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, муниципальнай үп суотугар, инвестиция көмөтүнэн канализационнай ыраастыыр тутуулар тустарынан туспа кэпсэттибит», – диэн Евгения Исаева кэпсээтэ.

«Жатай» баһылыга бөһүөлэккэ туһунан нотариальнай уокурук, мировой судьуйалар суут учаастактарын тэрийэри туруоруста. «Боппуруостары олохтоохтор бэйэлэрэ туруорсаллар. Билигин дьон кыһалҕатын Дьокуускай эрэ куоракка быһаарсар кыахтаах. Инникитин саҥа оскуола итиэннэ оҕо искусствотын оскуолата тутулларын туруорсабыт. Оҕо искусствотын оскуолата бэйэтэ дьиэтэ суох буолан баҕалаах оҕону барытын хаппат. Айсен Николаев туруорсар боппуруостарбытын өйүүрүгэр эрэнэбит», – диэтэ Евгения Исаева.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА