22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тыа сиригэр үлэлии барар медиктары өйүүргэ көрүллэр харчы үс төгүл эбиллиэҕэ

13:01, 01 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр тыа нэһилиэктэрин медицина үлэһиттэринэн хааччыйар сыаллаах бырагыраамаҕа 275 мөл солк көүлүннэ. Бу былырыыҥҥы дьылы кытта тэҥнээн көрдөххө, үс төгүл элбэх, ТАСС иһитиннэрэр.


“Быйыл “Земский доктор” уонна “Земский фельдшер” федеральнай бырагыраамаларынан Саха сиригэр 275 мөл солк көрүлүннэ, онтон 253 мөл солк — федеральнай бюджеттан, 22 мөл солк – регионтан. Тыа балыыһаларыгар барыта 124 бырааһы уонна 27 фельдшеры үлэлэтэр былаан баар», – СӨ Доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Бэлиэтээбиттэринэн, 50 медик, бүгүҥҥү туругунан, тыа сиригэр үлэлии барда.

2020 сылтан региоҥҥа медиктарга төлөбүр икки төгүл улаатта. Куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ, тыа сиригэр уонна оробуочай бөһүөлэктэргэ үлэлии барбыт быраастар 2 мөл солк, оттон фельдшердар — 1 мөл солк ылаллар. 50 тыһ киһиэхэ диэри нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлиир быраастар — 1 мөл солк, фельдшердар – 500 тыһ.солк.

Биэдэмистибэ дааннайынан,2019 сылга бу бырагыраамаларынан Саха сиригэр 97 медиккэ уопсайа 84 мөл солк бэриллибит.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-vydelyat-v-tri-raza-bolshe-sredstv-na-privlechenie-medikov-v-sela-chem-god-nazad/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА