«СулуСтар» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкурсун өссө биир түһүмэҕин 15 толорооччу ааста. Кыайыылаахтар финалга тахсан, «Муус устар» бэстибээлгэ кыттыахтара.
Финал аҥарыгар кыайыылаахтарынан ааттаннылар: Линда Захарова (Мэҥэ Хаҥалас), Анна Давыдова (Ньурба), Василий Николаев (Бүлүү), Иван Дьяконов (Горнай), Яна Забелина (Ленскэй), Аман Винокуров (Чурапчы), Татьяна Томская (Булуҥ), Аина Михайлова (Кэбээйи), Виолетта Абдурафикова (Өлүөхүмэ), Егор Агарков (Мииринэй), Сайнаара Жмурова (Нам), Анна Стуканева (Алдан), Николай Нестерев (Амма), Петр Пестерев (Хаҥалас) уонна Алан Гондолаев (Дьааҥы).
Финалга биэс киһи тахсыаҕа, кинилэр ааттара олунньу 10 күнүгэр биллиэҕэ. Муҥутуур кыайыылаах 115 тыһ солк харчынан бириэмийэ ылыаҕа, маны сэргэ «Көрөөччү биһирэбилэ» аат баар буолуоҕа, кини бириэмийэтэ — 57 500 солк.
Кыайыылааҕы бэлэмнээбит настаабынньык эмиэ 57 500 солк тутуоҕа.