Хой
Бэйэҥ дьиҥ баҕа санааҕын иһит. Бу күн урукку өйдөбүллэргин саҥалыы көрүөххүн сөп. Күнүс кими эмит кытта аһаҕастык кэпсэтии санааҕын уларытыан сөп. Киэһэ улахан быһаарыныылары толкуйдаабакка ылыммат ордук.
Оҕус
Чугас киһиҥ иэс көрдүөн сөп. Сэрэхтээх буол, төннөрүө суоҕа. Күнүс дьиэ-уот, өрөмүөн үлэтэ табыллар. Киэһэ бэйэҕэр кыра бэлэх оҥоһун, онтукаҥ санааҕын көтөҕүө.
Игирэлэр
Бүгүн болҕомто киинигэр сылдьыаҥ. Туһалаах дьону кытта алтыһыаххын сөп. Күнүс кыра иирсээн тахсыан сөп, ону улаатыннарбат ордук. Киэһэ барыта орун-оннугар түһүө.
Араак
Ис туруккун таска таһаарыма, спордунан дьарыктан, хамсан-имсэн. Күнүс саҥа толкуй киириэн сөп, ону сурунан кэбис. Бүгүн холку буолуу — ситиһии төрдө.
Хахай
Биир сүрүн дьыалаҕын талан, онно болҕомтоҕун уур. Күнүс соһуччу көрсүһүү буолуон сөп. Киэһэ сибиэһэй салгыҥҥа хаамар туһалаах.
Кыыс
Сарсыарда түбүктээх буолуо, ол эрээри тулуурдаах буол. Күнүс өр кэмҥэ быһаарыллыбакка сылдьыбыт боппуруос быһаарыллыан сөп. Киэһэ чэпчэкитик аһаа, утуйаргар эрдэ сыт.
Ыйааһын
Бүгүн элбэх быһаарыныыны ылыныаҥ. Уһата-кэҥэтэ сылдьыма, интуицияҕар эрэн. Күнүс дуогабар түһэрсиигэ табыгастаах кэм. Киэһэ үлэни дьиэҕэр илдьимэ.
Скорпион
Чугас дьоҥҥор эрэн, санааҕын үллэстэргэ кыбыстыма. Күнүс үчүгэй сонун истиэххин сөп. Киэһэ дьиэ кэргэни кытта бииргэ аһаа, өйөбүлү билиэҥ.
Охчут
Саҥаны билэр-көрөр баҕа күүстээх. Саҥа сиргэ сылдьыы, күүлэйдээһин сэниэлэнэргэр көмөлөөх. Былааннаабакка эрэ сырыт, эмискэ быһаарыы үчүгэйи аҕалыа. Киэһэ аһара тото-хана аһаама.
Чубуку
Үлэ-хамнас, былаан тула күн ааһыа. Биир дьыаланы кичэйэн оҥорбутуҥ ордук. Киэһэ сынньанарга кыһалын, эппиэтинэстээх буолууҥ сыаналаныа.
Күрүлгэн
Күүстээх үлэнэн дьарыктаныы, дьиэтээҕи түбүк табыллар. Күнүс сылайыаххын сөп, онон улахан быһаарыныылары ылыммат ордук. Киэһэ итии уунан суунар, эрдэ утуйуу туһалаах.
Балыктар
Докумуоннаргын, үбү-харчыны сааһылыырга тоҕоостоох күн. Иэскин төлөө. Күнүс болҕомтолоох буол, чуолкай буолуу ирдэнэр. Киэһэ чэпчэкитик аһаа, кофе иһимэ.
Аһаҕас ситимтэн ылылынна.



