Ахсынньы 5 — 15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ 21 киһи куорунан ыалдьыбыта билиннэ. 19 улахан киһи уонна 17-гэр диэри саастаах икки оҕо. Бу туһунан Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэр.
Үгүс ыалдьыбыт дьон эрдэ куордаабатахтар, быһыы ылбатахтар, ол туһунан истибэтэхтэр даҕаны, сорохтор ыарыыны утары быһыыларын ылыы схематын кэспиттэр. Ахсынньы 16 күнүгэр сарсыарда 9 чааска 21 киһи ыалдьыбытыттан 16-та салгыы эмтэнэр, биэһэ үтүөрбүт.
Туһааннаах управление санитарнай-эпидемиологическай чинчийиини ыытар. 13 000 доза куор вакцинатын уонна 900 доза иммуноглобулин атыылаһыыга үп көрүллүбүт.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин дьаһалынан куор ыарыыта салгыы тарҕамматыгар сэрэтэр үлэлэр ыытыллаллар.