Төлөпүөҥҥэ НВК «Саха» диэн анал сыһыарыы нөҥүө эфиргэ билигин туох кэлэ турарын, ТВ бырагырааматын, араас сонуннары ааҕыахха, сахалыы сериаллар сайтарыгар быһалыы киириэххэ, бэйэҕит сонуҥҥутунан үллэстиэххэ сөп буолла. Сыһыарыы төлөбүрэ суох, босхо.
Быйылгы сезоҥҥа элбэх саҥа биэрии баар — «Бастыҥ», «Күөрчэх», «Бүгүн», саҥа сериаллар, «Үүтээн кэпсээнэ», «Ырыа киэһэтэ» уо.д.а.
Сыһыарыы төлөпүөннэргэ барытыгар барсар, судургу. Элбэх миэстэни ылбат.
Айфон төлөпүөннээхтэр бу ссылканан киирэн хачайдааҥ
https://apps.apple.com/ru/app/%D1%82%D0%B5%D0%BB%D0%B5%D0%BA%D0%B0%D0%BD%D0%B0%D0%BB-%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id1533208352
Андроид төлөпүөннээхтэр — бу ссылканан
https://play.google.com/store/apps/details?id=ru.nat.saha