Кулун тутар 11 күнүгэр Ньурба куоратыгар 280 миэстэлээх «Кэскил» уһуйаан үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Уһуйаан «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн сылтан ордук тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Бэдэрээтчит тэрилтэнэн «Ярус» ХЭТ үлэлээтэ.
Ньурба улууһун «ИСУ» МКУ салайааччыта Макар Семенов иһитиннэрбитинэн, эбийиэк тутуутугар уопсайа 350 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Онтон 321 мөлүйүөнэ федеральнай бүддьүөттэн, атына өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох салайыныы үбүттэн. Дьиэ үс этээстээх, уопсай иэнэ 3760 квадратнай миэтирэҕэ тэҥнэһэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ Баһылыгын Дьаһалтатын олохтоох салайыныы боппуруостарыгар Департаменын салайааччытын солбуйааччы Афанасий Старостин, «Ярус» ХЭ тутуу тэрилтэтин салайааччыта Степан Петров кыттыыны ыллылар.
Эбийиэги туппут тэрилтэ салайааччыта уһуйаан сэбиэдиссэйигэр Оксана Самсоноваҕа дьиэ күлүүһүн туттарда. Саҥа дьиэни-уоту арчылаан, мустубут ыалдьыттары алҕаан, аалай лиэнтэни быһыы, уһуйааны көрүү-истии буолла.
Улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын салайааччыта Алевтина Аргунова уһуйаан уочаратыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 180 оҕо турарын эттэ. Бу улахан дьиэҕэ куорат икки дьыссаата — «Кэскил» уонна «Солнышко» киирэллэр. Манна оҕолор 1,5 саастарыттан саҕалаан сылдьаллара былааннанар.
«Кэскил» уһуйаан уопуттаах иитээччилэриттэн биирдэстэрэ Люция Буслаева үөрүүтүн үллэстэр: «Уһуйаан кэлэктиибэ үгүс сыл туруорсубут баҕабыт туолан, бүгүн бары олус долгуйан сылдьабыт. Аны саҥа дьиэҕэ үөрэ-көтө көрсөөрү оҕолорбутун кэтэһэбит».
Сергей Местников: «Бүгүҥҥү тэрээһин улуус, өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, дойду таһымыгар олус улахан суолталаах. Маннык үчүгэй дьиэҕэ олоххо күүстээх тардыһыылаах, бигэ тирэхтээх оҕолор иитиллэн тахсыахтарыгар бигэ эрэнэбин,» — диэн тус санаатын эттэ.