М.К.Аммосов аатынан ХИФУ бастакы кууруһун устудьуоннара очно үөрэниэхтэрэ. Бу орто анал, бакалавриат, специалитет, магистратура, аспирантура устудьуоннарыгар барыларыгар сыһыаннаах диэн университет пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Роспотребнадзор сүбэтинэн бастакы куурус устудьуоннара очно электроннай уонна дистанционнай үөрэх ньымаларын туһанан, оттон 2-5 куурус устудьуоннара балаҕан ыйын 1 күнүттэн 15-гэр диэри дистанционно үөрэниэхтэрэ.
Очнай үөрэх санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан барыа.
Бүгүн COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэриитин кэмигэр вице-премьер Ольга Балабкина устудьуоннар үөрэх тэрилтэлэригэр маскалаах сылдьыахтарын эттэ.