Бэс ыйын 28-29 күннэригэр Дьааҥыга ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үгэнэ. Оройуоҥҥа ыһыах тэрээһинин сүрүннүүр 5 киһилээх дирекция тэриллэн үлэлиир.
Олоҥхо УРАҺАТА баар буолуоҕа
Уопсайа 28 эбийиэги туталлар. Ол иһигэр 4 улахан ураһа. Үгүс дьон баҕа санаатын уонна этиитин учуоттаан, 4-с ураһаны туттаран эрэллэр. Ураһа туоһунан оҥоһуллар. Бу быйылгы ыһыах саамай уран оҥоһуулаах уонна дьааҥылары дорҕоонноохтук ааттатар тутуунан буоларыгар олохтоохтор эрэллээхтэр. Ураһаҕа олоҥхоһуттар мустан бэйэлэрин талааннарын көрдөрүөхтэрэ.
Оҕолорго сылы төгүрүччү үлэлиир балаҕан
Оҕо олоҥхотугар 9х9 кв. м иэннээх балаҕан тутуллар. Бу объект кыһыҥҥы өттүгэр эмиэ үлэлиэҕэ. Балаҕан кэрэ көстүүлээх Аал Луук Мас аттыгар тутуллар. Манна оҕолор сылы эргиччи олоҥхолуурга уһуйуллуохтара, саха үгэстэрин үөрэтиэхтэрэ.
Ипподромҥа оҕустар киирсиэхтэрэ
Ипподром сиригэр сонун сүүрээни киллэрэр былааннаахтар. Ол курдук ат сүүрдүүтүн иннинэ оҕустары күрэстэһиннэриэхтэрэ. Дьааҥыга урут оҕо барыта оҕус сүүрдэр этэ. Билигин даҕаны ат кыайан сылдьыбат сиригэр, оҕуһу көлүнэллэр. Онон оҕус – Дьааҥыга суолтата улахан. «Аты сыһытааһын» диэн тэрээһини ыытарга эмиэ былаанныыллар. Ол аата мииниллэ илик аты айааһааһын. Ону тэҥэ таба сүүрдүүтэ эмиэ былааннанар.
Нэһилиэктэр ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэр
17 ураһаҕа нэһилиэктэр ыалдьыттарын көрсөргө бэлэмнэнэллэр. Хас биирдии нэһилиэк иккилии-үстүү улууһу көрсүөҕэ. Бу күннэргэ улуустар салалталара ким хас буолан кэлэрин, төһө спортсменнааҕын, култуурунай тэрээһиннэргэ кыттааччылааҕын биллэрэ тураллар. Дэлэгээссийэлэргэ квота биллэрэн, дьону аһатар-түһэрэр сирдээхтэр. Ыалдьыттар Верхоянскай куоракка уонна Остуолба, Боронук нэһилиэктэригэр түһүөхтэрэ.
Дьааҥылар ыһыах ыһарга уопуттаахтар
2013 сыллаахха Дьааҥы 380 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах ыһыах эмиэ манна буолбута. Сүрүн ыалдьыттар Дьааҥыттан төрүттээх, онно үлэлээбит дьон этэ. Онтон быйыл атын улуустартан ыалдьыттары күүтэллэр. Онон эппиэтинэс улахан. Нэһилиэк аайы киһи болҕомтотун тардар туристическай объектар, музейдар бааллар. Онон сыһыарыллыбыт улуустардаах нэһилиэктэр араас култуурунай тэрээһиннэри ыытарга бэлэмнэнэллэр. “Киһилээх”, “Ыыннаах”, “Көстөр” курдук хайалар – бэйэлэрэ ааттаах-суоллаах, дириҥ ис хоһоонноохтор. Онон бу эҥэр сытар нэһилиэктэр былааннара киэҥ.
Олоҥхо ыһыаҕын дирекциятын салайааччыта Михаил Рожин бэлиэтииринэн, быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһиҥҥэ бэрт үгүс сонун тэрээһин ыытыллара былааннанар.
Дьааҥыга Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн былааннанар улахан тутуулар:
• “Олоҥхо дьиэтэ” – Верхоянскай к. 560 кв.м. иэннээх Оҕо музыкальнай оскуолата таас дьиэтэ 2017 с. үлэҕэ киириэхтээх.
• “Арчы дьиэтэ” – Баатаҕай бөһүөлэгэр 2016 с. ахсынньы ыйга үлэҕэ киириэхтээх.
• Култуура дьиэтин саҥардыы – Верхоянскай к. 2016 с. бэс ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх.
• “Баатаҕай- Верхоянскай” туһаайыынан суол, муоста оҥоһуута.