Казахстантан «Азия оҕолоро» Оонньууга кыттыбыт Татьяна Овчинникова биһиги омук национальнай көрүҥмүтүгэр — ыстаҥаҕа Саха кыыһа Светлана Макароваттан кыайыыны былдьаата, Оонньуу үрдүк үктэлигэр таҕыста уонна кыһыл көмүс мэтээли кэттэ.
«Национальнай спорт көрүҥэр – ыстаҥаҕа сахалар оҕо эрдэхтэриттэн дьарыктаналлар, онон мин инники кирбиигэ тахсыам дии санаабатаҕым», — диир кини.
«Туймаада» стадиоҥҥа тымныы, тыаллаах күн буолла. Оттон бу көрүҥ көрдөрүүтүгэр тыал-куус, күн-дьыл туруга быһаччы дьайар. Татьяна Овчинникова этэринэн, тыал күүскэ сискэ оҕустаҕына, ыстаҥаҕа тэбинэр сүүрүүҥ табыллымыан сөп.
«Сүүрэрбэр аһара түргээтээбэппин, наһаа түргэнэ суохтук сүүрүөххэ уонна тилэҕинэн күүскэ тирэнэн ыстаныахха наада. Маннык «кистэлэҥи» туһанан кыайдым», — диир кини.
«Дьокуускайы олус сөбүлээтим, биһиги дойдубутугар майгыннаабат», — диэн Татьяна эттэ.
Татьяна Овчинникова кыһыл көмүс мэтээлин көрдөрүүтэ — 22 м. 67 см, иккис миэстэни Саха кыыһа Светлана Макарова ылла. Кини 22 м 16 см ыстанна, боруонса – Кыргызстантан Мария Тимошенкоҕа. Кини ситиһиитэ– 22 м 03 см.
Уолаттар ортолоругар Дмитрий Бочкарев (Сибиир ФУо) 40,44 м. ыстанан, бастакы миэстэ буолуон буолла, иккискэ — Дмитрий Дмитриев (Саха сирэ — 1), үһүс — Рустам Маммедов (Азербайджан).
Кылыыга Светалана Макарова барыларын куоһарбыта. Кини ситиһиитэ 23 м 26 см этэ. Бу – быйылгы Оонньуу рекорда.