22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Атах таҥаһын тигэр маастар Илья Самсонов ыччаты үөрэтэр баҕалааҕын биллэрэр

16:00, 27 ноября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тирииттэн тигиллибит сахалыы оһуордаах-мандардаах хараҕы сымнатар мааны атах таҥаһын дьон ыһыахха, сценаҕа, кэнсиэргэ эрэ кэтэр буолара. Оттон билигин, ордук саас, сайын уулуссаҕа күн да аайы көрүөххэ сөп. Маннык кэрэ көстүүлээх саппыкы арааһын бэйэбит уран тарбахтаахтарбыт тигэн, оҥорон-чочуйан таһаараллар. Оннук уран тарбахтаах, уус харахтаах дьонтон биирдэстэринэн Маҕан олохтооҕо Илья Самсонов буолар. Бүгүн аан дойдуга атах таҥаһын оҥорооччулар күннэринэн, кинини кытта кэпсэтиибин билиһиннэрэбин.


Илья Васильевич Самсонов атах таҥаһын тигиигэ, кыраһыабай быһыылаан-таһаалаан оҥорууга ылсыбыта 30-тан тахса сыл буолбут. Онон бу сыллар усталаах-туораларыгар дьахталларга, эр дьоҥҥо, оҕолорго этэрбэс, саппыкы, бачыыҥка арааһын тигэн, бэлэмнээн таһаарыыга илиитин «имиппит» ахан киһи буоллаҕа. Үлэлээбит да сирэ элбэх. Кэлин Опера уонна балет тыйаатырыгар атах таҥаһын оҥорор мастарыскыайга үлэлиирин сэргэ, урбаанньыт быһыытынан тус бэйэтэ эмиэ дьарыктанар. Онон кини илиитин иһинэн ааспыт атах таҥаһын тыйаатырдар артыыстара, үҥкүүһүттэр, эстрада ырыаһыттара кэтэ сылдьалларын куруук көрөбүт. Биирдиилээн үлэһээччилэр эмиэ элбээбиттэр. Кэпсэтэрбтигэр улахан үөрүйэхтээх маастар: «Дьону атаҕыттан тута билэбин, бу мин киһим сылдьар эбит диэн», — диэн күлэр.

Маастар кэтэх мастарыскыайыгар саппыкы арааһа кэчигирээбит. Матырыйаалын (тирии, сап, килиэй, колодка, тилэххэ туттуллар анал эрэһиинэ, о.д.а.) соҕуруу куораттартан үлэһэн ыларын этэр. Тирии атах таҥаһын тигэр кэмбинээттэри интэриниэтинэн булан сибээстэһэрин, биирдэ эмэ да буоллар, миэстэтигэр тиийэн ымпыгар-чымпыгар тиийэ көрөрүн, токкоолоһорун, онон сөп диэбит эрэ тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэрин кэпсиир. Ирдэбилэ итинэн эрэ муҥурдаммат.

Омук омук атаҕын быһыыта уратылаһар. Холобур, атах кээмэйин ылан баран, кини атаҕын быһыытыгар сөп түбэһиннэрэн, колодканы кыратык уларытан-тэлэритэн, ханан эрэ эбэн, ханан эрэ кыһан, чочуйан, оҥорон биэрэбин. Дьэ ол эрэ кэнниттэн «маннык колодка наада» диэн үлэһэбин. Ону оҥорон ыыталлар. Онон, арааһа, 100-тэн тахса колодкаланнаҕым буолуо. Биирдии размерга атах быһыытынан көрөн, сүүрбэччэлиигэ тиийэ баар, — диэн кэпсиир.

«Сахалыы моһуоннаах атах таҥаһын тигиини биһиги 90-с сыллартан күүскэ саҕалаабыппыт. Оччолорго үҥкүүһүттэр, артыыстар үлэхтэрэ элбэх буолара», — диэн ахтан-санаан аһарар.

Кэнники сылларга сахалыы моһуоннаах атах таҥаһыгар наадыйааччы, сэҥээрэн-сэргээн үлэһээччи биллэ элбээн иһэрин бэлиэтиир. Онон сакаас сылы эргиччи тохтоло суох киирэрин, ордук ыһыах чугаһыгар быыһа-арда суох буолалларын этэр. Маныаха биир тутаах көмөлөһөөччүтүгэр Сергей Власовка махтанар. Сергей Леонидович дьиэ кэргэнинээн соҕуруу көһөн баран, төттөрү кэлбит. «Сахам сирэ суох табыллыбат эбиппин. Сахалыы оһуордаах-мандардаах атах таҥаһын чочуйустахпына санаабар да астык. Дууһалыын манньыйабын», — диэбит. Онон иккиэйэх да буоллаллар, үлэҕи болдьоҕор бүтэрэргэ кыһаллалларын, арай, ыһыахтарга бэлэмнэниилэр саҕаланнахтарына эбии көмөлөһөөччүлэрдэннэҕинэ табыларын этэр. Итинэн сибээстээн, кини эдэр дьону үөрэтэр баҕалааҕын иһитиннэрэр.

— Биир саппыкы үс күнүнэн бэлэм буолар. Нэдиэлэ устатыгар уопсайа 10-20 атах таҥаһа бүтэр. Оһуорун-мандарын дьон баҕатын учуоттаан тигэбин. Ол гынан баран, хас биирдии ойуу-бичик ис хоһоонун, суолтатын билэргэ кыһаллабын, ону тутуһа сатыыбын. Хас биирдии үлэбин ис дууһабыттан оҥоробун, — диир маастар.

Кыраһыабай көстүүлээх, атахха «лып» курдук сөрү-сөпкө олоро сылдьар, ньымса, үчүгэй, табыгастаах атах таҥаһа — кэтэ сылдьар киһини чахчы астыннарар, үөрдэр буоллаҕына, ол — үлэ түмүгэ буоларын бэлиэтиир.

Баҕа санаата:

Баҕалаах ыччаты үөрэтии. «Эдэр оҕолор ювелир буолуохтарын баҕараллар. Оттон атах таҥаһын тигэргэ сыстар суоҕун кэриэтэ», — диэн сонньуйар. Кини Москваҕа үөрэнэр кэмигэр, преподавателлэрэ киһи атаҕын уҥуохтарыгар, былчыҥнарыгар тиийэ улахан болҕомтолорун ууран үөрэппиттэригэр-такайбыттарыгар махтанар. Ол үлэлииригэр улахан көмөлөөҕүн бэлиэтиир.

Илья Васильевич бэйэтэ такайбыт, сүбэ-ама биэрбит дьоно үрдүк таһаарыылаахтык үлэлииллэриттэн үөрэр, кинилэринэн киэн туттар. Олортон биирдэстэрин, Нам Үөдэй олохтооҕун Афанасий Прокопьевы киэн тутта ааттыыр, хайгыыр.

Баҕалаах, дьоҕурдаах дьону түмэн, үлэтин кэҥэтэр, сайыннарар ыра санаалаах.

Маастар сүбэтэ:

* Атах таҥаһа илийдэҕинэ иһигэр таҥас, кумааҕы симэн, сиигин оботторуҥ. Быһыытын-таһаатын көннөрөн ууруҥ.

* Атах таҥаһын харайан уурарга төбөтүгэр, сототугар кумааҕыны угар ордук.

* Кумалыы, бүк тутан ууруллубат. Хордуон коробкаҕа угуохха сөп.

* Атах таҥаһын сөрүүн, күлүк сиргэ уурар ордук.

Үлэлээбит кэрчиктэриттэн:

1982 с. Москватааҕы механико-технологическай техникумҥа үөрэнэн, тирииттэн атах таҥаһын оҥорон, тигэн, чочуйан таһаарары баһылыыр.

1985 с. Дьокуускайга тирии атах таҥаһын оҥорор кэмбинээккэ ыҥырыынан үлэлии кэлэр.

Салгыы «Якутгоробувьбыт», «Дом Быта», «Башмачок» үлэлээн, оччолорго ГОСТ ирдэбилин тутуһан элбэх атах таҥаһын оҥороллор.

1990 с.туспа баран атах таҥаһын тигиинэн дьарыктанар.

1995 с. предприниматель буолар.

2000 сылтан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар сыахха үлэлиир. Бары тыйаатырдары хааччыйаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА