Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Этиитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ предпринимательство уонна инвестиционнай климат сайдыыларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр наадатын бэлиэтээтэ.
«Саха сиригэр тус бизнеһи арыйыыга элбэх олохтоох дьону сыһыарыахтаахпыт. Онно кинилэр көҕүлээһиннэрэ улахан оруолу ылар», — диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэ дьыалатын регистрациялааһын судургутуйда. Докумуоннар оҥоһуллар болдьохторо кылгаата, сөбүлэҥ суруктар бэриллиилэрэ чэпчээтэ. Бизнескэ судаарыстыбаннай хонтуруол бары өттүттэн холкутуйда.
«2019 сылга Саха сирэ Россия субъектарын инвестиционнай рейтинигэр 22 миэстэҕэ таҕыста. Бу үчүгэй көрдөрүү. Дьыалабыай сообществоҕа, көхтөөх предпринимателлэргэ махтанабын», — диэтэ Саха сирин баһылыга.
Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ IT-өҥөҕө лидер буолбутун бэлиэтээтэ. Тыа сирин сайыннарар аграрнай предпринимательствоҕа эмиэ болҕомто уурда.
«Бааһынай хаһаайыстыбалар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар араас тэрилтэлэри предпринимателлэринэн, буолаары буолан, инвестордарынан ааттаабаппыт. Бу, мин санаабар, сөбө суох. Ким баҕарар, бэйэтин хапытаалын уган, бириэмэтин ыытан, тэрийэр талаанын уонна идеятын сааһылаан, саҥа дьыаланы арыйар буоллаҕына, кини — инвестор буолар«, — диэн бэлиэтээтэ Николаев.
Онон бырабыыталыстыбаҕа агропромышленнай оҥорон таһаарыыны өйүүр фонданы тэрийэргэ эттэ, үбүлээһин бөдөҥ бизнескэ эрэ буолбакка, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга ылсыбыттарга эмиэ туһалаах буоларыгар туһаайылларыгар ыйда.