«Ыччат бэлиитикэтин туһунан» сокуоҥҥа уларытыынан, эдэр исписэлиистэри карьера оҥосторго көҕүлээһин итиэннэ үлэҕэ киирэллэригэр мэһэйдэри туоратыыга туһулунар.
Чуолаан, «эдэр исписэлиис» диэн өйдөбүл сокуоҥҥа 2020 сылтан киирбитэ. Эдэр исписэлииһинэн 35 сааһыгар диэри үрдүк/орто үөрэҕи бүтэрбит уонна чопчу ол үөрэҕинэн саҥа үлэлии киирбит киһи буолар. Ол эрээри, үөрэх кэмигэр үлэлии киирбит уонна үөрэх кэнниттэн салгыы үлэлиир устудьуоннар эдэр исписэлииһинэн ааҕыллыбаттар уонна эбии төлөбүрү, чэпчэтиилэри ылбаттар.
Ол иһин саҥа уларытыы итини суох гыныахтаах. «Биир өттүнэн — эдэр дьону үөрэх кэмигэр үлэҕэ тардыыга болҕомто ууруллар, онтон иккис өттүнэн — кинилэр эдэр исписэлиис буолар кыахтара сүтэр», — диэн сурукка этиллэр. Ону таһынан докумуон “эдэр үлэһит” өйдөбүлү киллэрэр.
“hh.ru ыыппыт ыйытынньыгын түмүгүнэн, 2583 киһиттэн 33% эрэ талбыт үөрэҕинэн үлэлиир, өссө 29% ыкса сибээстээх хайысхаларга үлэлиир уонна 39% атын идэни талбыт,— диэн ааптардар быһаараллар. — Ону кытары билигин атын хайысхаларга үлэлии сылдьар дьонтон улахан аҥаара (58%) бастаан утаа дипломнарынан үлэҕэ киирэ сатаабыттар, ол эрээри 46% кыра хамнастан, 33% кэскили көрбөттөрүттэн, 24% үлэ усулуобуйа мөлтөҕүттэн сылтаан уурайаллар эбит”.
Онон, идэлэринэн үлэлээбэт ыччаттар «эдэр үлэһит» диэн ааттаныахтарын сөп. Онуоха аан бастакытын үлэлии киирбит тэрилтэтигэр үс сыл устата эбии төлөбүрдэри уонна чэпчэтиилэри ылыахтарын сөп.
“Эдэр исписэлиис” өйдөбүлүн хаҥатыы үөрэх кэмигэр үлэ уопутун ылары көҕүлүүргэ, ону тэҥэ официальнайа суох үлэлээх устудьуоннарга эдэр исписэлиискэ анаммыт өйөбүл миэрэтин ыларга көмөлөһөр. Уонна “эдэр үлэһиттэр” саҥа талбыт идэлэринэн эбии көмө ылаллара салгыы сайдалларыгар күүс буолуоҕа, суруйда Саха сирэ саайт.