Дьокуускай үрдүнэн сатыылаабыт хойуу буруону тымныы салгын үтэйиэн сөп. Ол туһунан гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление биллэрдэ. Синоптиктар борогунуостарынан, кэлэр күннэргэ киин куоракка халлаан туруга уларыйыа.
Синоптиктар биллэрэллэринэн, бу түүн салгын температурата тымныйыа. Ардахтыа, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 6-11 м түргэннээх тыал үрүө. Түүнүн 13-15 кыраадыс сылаас буолара күүтүллэр, сарсын Дьокуускайга 22 кыраадыс сылаастан итийиэ суоҕа.
Халлаан тымныйыыта буруонан сибээстээн сатыылаабыт тыҥааһыннаах экология балаһыанньата тупсарыгар үчүгэй өрүтүнэн дьайыа.