А.П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо ускуустуба оскуолатыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Валерьевна Балабкина сырытта. Кини кэлэктиипкэ туһаайан федеральнай бырагыраамаларга үлэлииллэригэр эттэ.
А.П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо ускуустуба оскуолата урукку ШКМ дьиэтигэр үлэлиир. Санитарнай, баһаарынай нуормаларга эппиэттээбэтин, үөрэнэргэ-сайдарга усулуобуйата суоҕун туһунан үлэһиттэр сыл аайы буолар бырабыыталыстыба отчуотугар этэллэр. Саҥа ускуустуба оскуолатын туруорсаллар. Ол үрдүнэн хамсааһын тахсыбат кэриэтэ.
Ольга Балабкина ускуустуба оскуолатын дьиэтин көрдө-иһиттэ. Улуус баһылыгын э.т. Алексей Ноговицын, дьокутааттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Николай Аммосов, үөрэх салалтатын начаалынньыга Юрий Посельскай уонна оскуола дириэктэрэ Алла Сивцева саҥа оскуоланы туруорустулар, көрсүллэр ыарахаттары этиннилэр. Ольга Балабкина федеральнай бырагыраамаларга киирсэргэ үлэлэһиҥ диэн эттэ.
Ускуустуба оскуолатын дириэктэрэ Алла Сивцева үлэ-хамнас туһунан уонна кыһалҕатын маннык үллэһиннэ:
— Бу дьиэ — 1924 сыллаах тутуу, олус эргэ. «Манчаары оонньууларын» саҕана үп көрүллэн, косметическай өрөмүөн ыытыллыбыта. Былырыын ититиитигэр үлэ барбыта. Ити курдук, сыл аайы улууспут дьаһалтата кыралаан да буоллар харчы көрөр, кыһаллар. Былырыын «Фонд будущих поколений» диэн куонкуруска кыттан кыайан, 1 мөл. 600 тыһ.солкуобайдаах миэбэл, оборудование, үнүстүрүмүөн кэллэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар 224 оҕо үөрэнэр. СанПин ирдэбилинэн бу оскуолаҕа 108 оҕо үөрэнэрэ көҥүллэнэр. Төрөппүттэр оҕолорун сайыннарар баҕалара улахан. Оҕолорун талааннаах, ускуустубаҕа сыһыаннаах дьон үүнэн тахсалларын санаан, төһө да усулуобуйа суоҕун үрдүнэн туруорсан үөрэттэрэллэр. Ол иһин бүгүн биһиги Ольга Валерьевнаҕа ити кыһалҕабытын эттибит, саҥа оскуола тутуллуо дуо диэн ыйыттыбыт. Билигин оскуола хаарбах, сууллар туруктаах, ол иһин «Мичил», «Улыбка» уһуйааннар саҥа дьиэлэригэр көстөхтөрүнэ, онно көһүөхтээхпит. Ити – балаһыанньаттан тахсыы буолбатах, ол дьиэлэр эмиэ хаарбах буолан, саҥа уһуйааннары туттахтара дии. Онон биһиги саҥа оскуола тутуллуо, оҕолорбут ускуустубаҕа, муусукаҕа талааннара сайдыа, кэскиллэниэ диэн бигэтик эрэнэбит уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар бу боппуруоһу болҕомтоҕо ылалларыгар баҕарабын.
Ааптар: Елена МАКАРИНСКАЯ, «Саҥа олох» хаһыат, Чурапчы улууһа