Российскай Федерация социальнай сайдыыга уонна үлэҕэ миниистирин солбуйааччы Алексей Вовченко Дьокуускай куорат социальнай эбийиэктэрин, ол иһигэр оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр билигин тутулла турар киини көрдө-иһиттэ.
Алексей Вовченко 100 миэстэлээх, эһиил үлэҕэ киириэхтээх киин тутуута хайдах-туох баран иһэрин сыныйан билистэ уонна Россияҕа ханна да суох социальнай тутуу буоларын бэлиэтээтэ.
«Маннык баараҕай тутууну ханна да көрө иликпин. Киин өрөспүүбүлүкэ наадыйыытын бүтүннүүтүн толуйарыгар бигэ эрэллээхпин», — диир кини.
Итини таһынан Алексей Вовченко медико-социальнай техникум-интэринээккэ сырытта уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах эдэр дьоҥҥо тэрилтэ олоххо суолу тэлэрин, аартыгы аһарын чиҥэтэн эттэ.
Эбийиэктэри кэрийэн көрүү, билсии кэнниттэн Саха сирин социальнай сайдыыга, үлэҕэ министиэристибэтин ыытар үлэтин үрдүктүк сыаналаата.