1838 сыллаахха Манчаары Баһылай отут охсуунан куорат болуоссатыгар таһыллан, Иркутскайдааҕы туус оргутар собуокка хаатырга үлэтигэр ыытыллар.
«Якутзолото» салайааччыта Тарас Десяткин уонна Нүөрүҥгүрү геолога Салима Каримова Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
Бүгүн Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогическай наука кандидата, Россия уонна Саха сирин үтүөлээх тренерэ Николай Волков, аатырбыт саха, эбээн тустууга Виктор Лебедев төрөөбүттэр.
- Арассыыйа — Архыып күнэ
- Азербайдьан — Дойду тыйаатырын күнэ.
- Соҕуруу Кэриэйэ — Үлэ күнэ.
- Лаос — Учуутал күнэ.
- Мьянма — Кураан сезон саҕаланыыта
- Былыргы Рим — Венера күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1762 — Тулуза куоракка Жан Калас диэн протестант итэҕэллээх киһини суутунан көлүөһэлээн өлөрбүттэр, мантан сылтаан Вольтер итэҕэли тулуйуу хампаанньатын саҕалаабыт.
- 1838 — Манчаары Баһылай отут охсуунан куорат болуоссатыгар таһыллан, Иркутскайдааҕы туус оргутар собуокка хаатырга үлэтигэр ыытыллар.
- 1910 — Кытайга кулуттааһын бобуллубут.
- 1922 — кулун тутар 10-11 түүнүгэр РКП (б) губбюротун мунньаҕар Губбюро урукку салалтатын туоратыы түмүгэр Саха сирин салалтата уларыйбыта. Лебедевтээх «триумвираттарын» оннугар Бараахаптаах буолбуттара. Ойууунускай ахтарынан, Строд хамаандалаах красноармеецтар хоско көтөн түһэн тройканы арестыыллар. Строд икки илиитигэр наганнаах. Аныгы устуоруктар бу кэнниттэн Саха сиригэр ыытыллыбыт бэлиитикэни «Гуманная политика Барахова» диэн ааттыыллар.
- 1945 — Дьааҥы маҥнайгы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэриилэһэ сылдьар Илья Попов дьонугар Германияттан бу күн суруйбут суругар Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Илья Винокуровтан дьикти истиҥ уонна сиһилии суругу туппутун сөҕөн суруйбут. Ол сурукка өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Попов аҕата өрөбөлүүссүйэҕэ сыһыаннааҕын, убайа чиэһинэй большевигын ахтыбыт, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьааҥы олоҕун кэпсээбит. Ону таһынан билэр дьонноро тугу гыналларын, куоракка төһө дьиэ тутуллубутун сиһилии суруйбут эбит. Ол суругу дьонугар ыытыах буолбутун, ону бомбалааһыҥҥа түбэһэн туох баар малын кытта күдэҥҥэ көппүтүн кэпсээбит. Попов суруктара Верхоянскай куорат түмэлигэр харалла сыталлар.
- 1960 — Канаада индеецтэрэ куоластыыр быраабы ылбыттар.
- 1976 — «Якутзолото» начальнига Тарас Десяткин(26.04.1928) уонна Нүөрүҥгүрү геолога Салима Каримова Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
Төрөөбүттэр:
- 1908 — Герасим Кривошапкин (10.03.1908—1953) — Социалистическай Үлэ Геройа, сылгыһыт.
- 1915 — Иван Папышев (10.03.1915—02.02.1999) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945).
- 1929 — Дмитрий Апросимов (10.03.1929—29.01.1983) — биллиилээх эбэҥки поэта, худуоһунньук.
- 1929 — Николай Бойлохов (10.03.1929—11.06.1988) — саха биллиилээх мелодиһа.
- 1933 — Николай Волков, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогическай наука кандидата, Россия уонна Саха сирин үтүөлээх тренерэ.
- 1988 — Томпо улууһугар Тополинай бөһүөлэккэ Виктор Лебедев — аатырбыт саха, эбээн тустууга.
Өлбүттэр:
- 1985 — ССКП генеральнай сэкириэтээринэн Леонид Брежнев кэнниттэн сылтан арыый ордук олорбут Константин Черненко өлбүт. Кини эбэтэ Красноярскай кыраай Дьэһиэйигэр барбыт Ньурба бааһынайа этэ дииллэр (аҕата көскө кэлбит нуучча, ийэтэ саха).