19 Балаҕан ыйа 19.09
  • $ 91,67
  • 102,04

От ыйын 16 күнэ. Грузияҕа таҥараҕа таптал күнэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 16 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 16 күнэ Грузияҕа Гергетоба (Таҥараҕа таптал күнэ). Бэлиэ күнү Гергети сэлиэнньэҕэ баар былыргы сыаркапка ордук далааһыннаахтык бэлиэтииллэр. Бу күн Константинопольга христианнар икки аҥыы арахсыбыттар, католическай уонна православнай итэҕэллэр үөскээбиттэр. 1920 сыллаахха Дьокуускайга куорат суута олохтоммут. 2014 сыллаахха норуот таптыыр ырыаһыта Эдьиий Марыына күн сириттэн букатыннаахтык барбыт.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 622— Ислаам халандаарын саҕаланыыта. Хиджра күнүттэн саҕаланар. Бу күн Мухаммед бастакы мусульмааннары кытта Меккаттан Мединаҕа көспүт.
  • 1054— Константинопольга христианнар икки аҥыы арахсыбыттар: арҕаа (католиктар) уонна илиҥҥи (православие) таҥара дьиэлэрэ. Римскэй паапа кырыыр бууллатын аҕалбыт киһи онтун бу күн София собуорун алтаарыгар уурбут, ол кэнниттэн Константинополь патриарха паапаны уонна кини дьонун кыраабыт.
  • 1819— Антарктиданы эргийэр Беллинсгаузен уонна Лазарев хамаандалаах «Восток» уонна «Мирнэй» шлюптар эспэдииссийэрэ саҕаламмыт. 190 киһиэхэ анаан икки сыллааҕы астарын-үөллэрин илдьэ барбыттар, ол иһигэр, холобур, 20,5 туонна горох, 65,8 туонна сухарыы, 3926 л водка. Ону таһынан хас сылдьыбыт портарыгар астарын, арыгыларын толоруналлар эбит. Устуу кэмигэр үс мотуруос (биир ис тиибиттэн, икки — мачтаттан сууллан), биир аҕабыыт («айаны тулуйбакка») өлбүттэр, кэлэн баран өссө биир эппиһиэр быстыбыт — устуу кэмигэр саҕаламмыт психическэй ыарыыттан.
  • 1920— Дьокуускайдааҕы куорат суута олохтоммут. Бастакы норуот судьуйатынан Степан Коротков диэн киһи буолбут.
  • 1945— АХШ-ка Лос-Аламос диэн сиргэ бастакы атомнай буомбаны тургутан эспиттэр.
  • 1979Саддам Хуссейн Ираак бэрэсидьиэнэ буолбут.
  • 1994— Шумейкер-Леви кометата Юпитеры кытта харсыбыт.
  • 2002— Дьокуускайга Хоту физика-техника кыһалҕаларын институутугар матырыйааллар уонна массыыналар хотугу тыйыс айылҕаны тулуйууларын үөрэтэр I Евразия симпозиума буолбут.

Төрөөбүттэр:

    1872 — Норвегия чинчийээччитэ уонна айанньыта Руаль Амундсен (1928 өлб.).

  • 1928— Роберт Шекли (Robert Sheckley) (2005 өлб.), аан дойдуга аатырбыт АХШ фантаст суруйааччыта.
  • 1974— Светлана Абрамова —— СӨ суверенитеты ыларыгар дьон оруолун, СӨ омугунан састаабын, өрөспүүбүлүкэҕэ урбаан үөскээһинин уонна быыбардары чинчийбит учуонай, социология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр:

  • 1868— Дмитрий Писарев, нуучча литэрэтиирэтин кириитигэ (1840 төр.). XIX үйэ 60-с сылларыгар нуучча литэрэтиирэтигэр Бүлүү куоракка көскө олорбут Чернышевскай уонна Добролюбов кэннилэриттэн үһүс улуу кириитик.
  • 1987— Акылбай Кунанбаев — хаһаах норуотун бэйиэтэ, хаһаах литэрэтиирэтин төрүттээччи Абай улахан уола.
  • 2014— Марина Попова (Эдьиий Марыына) (24.03.1926 төр.) — ырыаһыт, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА