Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин Н.Д.Субурусскай аатынан орто оскуолатыгар история уонна кыраайы үөрэтэр виртуальнай мусуойу астылар.
«Мусуойга улуус чулуу дьонун олохторо үйэтитиллиэ. Бу үүнэр көлүөнэҕэ сүҥкэн кылаат», — диир улуус баһылыга Андрей Ноговицын.
Мусуой Арассыыйа бэрэсидьиэнин гранын суотугар тэрилиннэ. Оскуола кэлэктиибэ Захар Егоров салайааччылаах «Диалог поколений через призму времени» бырайыакка кыайан, 469 480 солкуобайынан наҕараадаламмыт.
Болтоҥо нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр дьоннор төрөөбүт сирдэринэн буолар. Манна С.А.Новгородов, поэт С.А.Саввин-Күн Дьирибинэ, суруйааччылар Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы, Василий Яковлев, артыыс В.А.Саввин, Болот Боотур, Сэмэн Тумат о.д.а. төрөөбүттэр.
Эһиил болтоҥолор Н.Д.Кривошапкин-Уот Субурусскай, Социалистическай Үлэ Дьоруойа В.М.Кладкин, биллиилээх этнограф, фольклорист, кыраайы үөрэтээччи, педагог А.А.Саввин, прозаик, драматург, бэйиэт, фельетонист, краевед, олоҥхоһут М.Ф.Догордуров, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, снайпер Г.К. Федоров үбүлүөйдэрин бэлиэтиэхтэрэ.