Аатырбыт айанньыт, салгын шарынан көппүт, Хотугу полюһу аан бастакынан баһылаабыт, Гиннес кинигэтигэр киллэриллибит рекордсмен Валентин Ефремов Дьокуускайга кэлэн, дьону-сэргэни кытта көрүстэ.
Айанньыт сүрүн соруга – Сибиир устун бастакы айанньыт Семен Дежневы кэриэстээһин. Валентин Ефремов бу уһун сындалҕаннаах айаҥҥа «Газель-Некст» мааркалаах массыынанан ааттаах-суоллаах фотограф Константин Андрюхинныын Семен Дежнев төрөөбүт дойдутуттан, Великий Устюгтан, кулун тутар 8 күнүгэр аттаммыттар. Балтараа ый курдук айаннаан, бу күннэргэ Саха сиригэр үктэннилэр.
Айанньыттар Дьокуускайдааҕы педколледж устудьуоннарын кытта көрсүһүүлэригэр айаннарын ис хоһоонун, суолтатын кэпсээтилэр.
Ыччаттар экспедиция тоҕо бачча ыраах туруммутун ыйыппыттарыгар, Валентин Ефремов:
— Саха сирэ — мин иккис дойдум. Саас кэллэ да, дууһам хоту талаһар. Ол да иһин буолуо, мин ханнык да муораҕа буолбакка, анаан сынньана, аралдьыйа Саха сиригэр эрэ кэлэбин. Хас биирдии айаным бэйэ-бэйэтигэр маарыннаспат. Туох эрэ саҥаны уонна сонуну бэйэбэр хайаан да арыйабын, — диэн кэпсиир.
Фотограф Константин Андрюхин: «Аатырбыт айанньыты кытта улахан айаҥҥа мин бу бастакы сылдьыым. Кини хайдах толкуйдуурун, айан кэмигэр туох быһаарыыны ылынарын, быһата, кини сырыытын хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр соруктаахпын«, — диир.
«Арҕааттан Илиҥҥэ диэри айан» экспедиция Семен Дежневы кэриэстээн, биирдиитэ 100-түү киилэлээх куолакалы уонна дьаакыры оҥорторон, Дежнев Мыыһыгар тиийэн туруоруохтаах.
— Быйыл саас эрдэ кэлэн, ириэрэн, суол алдьаныытыгар түбэһэн хааллыбыт. Онон айаммытын тохтотон, куолакалы уонна дьаакыры манна доҕорбутугарГерман Арбугаевка хаалларан баран, кэлэр сыл олунньутуттан саҥа айаҥҥа турунуохпут. Билигин Өймөкөөҥҥө тиийэн суолу-ииһи үөрэтиэхпит, фотограф Тымныы полюһун таас хайаларын, кэрэ сирдэрин хаартыскаҕа үйэтитиэҕэ, — диэн кэпсиир айанньыт.
Устудьуоннар ыалдьыттары кытта көрсөн, кэпсэтэн, бэрт үгүһү биллилэр. Өлөөнтөн сылдьар Клава Федорова: «Мин оҕо эрдэхпиттэн геолог буолуохпун баҕарар этим. Ону дьонум сүбэлээн, алын сүһүөх кылаас учууталыгар үөрэнэ кэлбитим. Үөрэхпин наһаа сөбүлүүбүн. Учуутал буолаары сылдьар киһиэхэ маннык көрсүһүүлэр олус туһалаахтар«, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Клава айанньыттан автограф ылан олус үөрдэ. Арааһа, бу тэтэрээтин биллиилээх дьон автографтарын хомуйар летопись оҥосторо буолуо. Үөрэтэр оҕолоругар: «Мин маннык дьону кытта билсэн турабын» , — диэн үөрэ-көтө кэпсиэ турдаҕа.
Устудьуоннар Валентин Ефремовы кытта өргө диэри сэһэргэстилэр. Ол да иһин айанньыт: «Мин саха дьоно барыны бары кэрэхсииллэрин, сэргииллэрин, бэрт элбэҕи билэллэрин наһаа сөҕөбүн уонна кинилэри ытыктыыбын. Ол иһин Саха сиригэр талаһабын«, — диир буоллаҕа.