Ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин «Өлүөнэ өрүскэ уста сылдьар университет» диэн Нуучча географическай уопсастыбатын бырайыагар кытынна.
edersaas.ru
Бырайыак чэрчитинэн, мобильнай киин исписэлиистэрэ учуонайдары, ХИФУ устудьуоннарын, географтары, ирбэт тоҥу үөрэтээччилэри, гидрогеологтары, антрополог-историктары кытары «Капитан Горовацкай» теплоходунан ыраах айаҥҥа туруммуттара.
Научнай уонна медицинскэй десант соругунан Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторугар доруобуйаны харыстыырга тустаах көмөнү оҥоруу, чөл олоҕу сырдатыы буолбута. Десант кыттыылаахтара судургута суох айаҥҥа турунан, Өлүөхүмэ улууһун уһук сытар Саҥыйахтаах, Урицкай, Солянка, Үҥкүр, Чапаево нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уонна Өлүөхүмэ куоракка тиийдилэр.
Кинилэр «Доруобуйа долгуна» бырайыак чэрчитинэн нэһилиэнньэ доруобуйатын бэрэбиэркэлээтилэр. Сүрэх-тымыр, саахар диабетынан, куртах-оһоҕос ыарыыларыгар ылларыан сөптөөх дьону буллулар.
Доруобуйа мобильнай киинигэр барыта 402 киһи сырытта. Кинилэртэн 22% – чэгиэн туруктаахтар, 78% – кутталлаах бөлөххө киирдилэр, кинилэртэн 31 киһи олорор сиринэн эмтэнэр буолла. Нэһилиэнньэ, сүрүннээн, хаан баттааһына хамсааһыныттан эрэйдэнэрэ билиннэ.
УЗИ бырааһа 244 киһини чинчийбититтэн 8 киһини салгыы көрдөрөргө сүбэлээтэ.
Доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэппит дьоҥҥо уонна нэһилиэнньэҕэ бэсиэдэлэр ыытылыннылар, кэккэ ыарыылары сэрэтиигэ анаммыт 370 устуука буклеттар уонна брошюралар түҥэтилиннилэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru