19 Кулун тутар 19.03
  • -16°
  • $ 91,98
  • 100,24

Чурапчы олохтоохторо ахсынньыга саҥа дьиэҕэ көһүөхтэрэ

14:57, 27 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы нэһилиэгин 1 кыбартаалыгар «Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматынан тутулла турар 50 кыбартыыралаах дьиэ ахсынньы ыйга киириэхтээх. Тутууну «Сахастройгрупп» тэрилтэ ыытар.

«Бу дьиэбэр 1995 сыллаахтан олоробун. Оттон билигин саҥа дьиэҕэ киирээри кэтэһэ, долгуйа сылдьабын. Маннык бырагыраама баара олус үчүгэй. Дьон саҥа дьиэлэнэрин таһынан нэһилиэкпит тупсаҕай көстүүлэнэн, сайдар, тупсар», — диэн Ярославскай аатынан уулуссаҕа турар таас дьиэҕэ киириэхтээх Чурапчы олохтооҕо Дария Лыткина санаатын этэр.

«Биһиги 2019 сыллаахха ахсынньы ыйга сабыс саҥа тутуллан бүппүт 5 этээстээх, 50 кыбартыыралаах дьиэҕэ «Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан көһөн киирбиппит. Олорор кыбартыырам сылаас, сырдык, эргэ дьиэбит иэнигэр эппиэттиир. Ол да буоллар 50-ча сыл устата олорбут икки этээстээх мас дьиэбин син биир ахтан, санаан ылабын. Урут үлэлээбит тэрилтэм сыаналаан дьиэ биэрэн, онтон тирэхтэнэн куорат курдук толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ олорорбуттан үөрэбин, астынабын«, — диэн Ярославскай аатынан уулусса 26/1 олохтооҕо Ирина Петрова үллэстэр.

Саҥа олох

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА