Тыл института СИА саайтыгар таһаарар «Билим» альманаҕын ыстатыйаларын дьон сөбүлээн ааҕар. Саха сири учуонайдара бэйэлэрин чинчийиилэрин, ырытыыларын, кэтээн көрүүлэрин дьоҥҥо тириэрдэллэрэ олус үчүгэй. Бүгүҥҥү уочараттаах ыстатыйаҕа ааптар билиҥҥи саха тылыгар түһүк халыыба сыыһа туттуллуутун ырытар. Манна матырыйаал быһыытынан инстаграм сыһыарыыга блогердар туттар тыллара чинчиллэр. Ыстатыйа тыл култууратын интэриэһиргиир дьоҥҥо туһалаах буолуон сөп.
Ааптардар:
Яковлева Констанция Аяновна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона
Прокопьева Алена Кирилловна, тыл билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана
Күлүүс тыллар: түһүк; саха тыла; морполуогуйа; көрдөрөр-иһитиннэрэр информация тыла-өһө, синтаксис.
Билигин олох сайдан, саха тылын эйгэтэ кэҥээтэ. Биһиги төрөөбүт тылбытынан араас сыһыарыыларга (whatsapp, facebook, instagram, telegram уо.д.а.) үгүс сонуммутун, элбэх кэпсээммитин, күннээҕи үөрүүбүтүн-хомолтобутун, түбүкпүтүн-садьыкпытын киэҥ эйгэҕэ таһааран үллэстэр кыахтанныбыт. Бу үлэҕэ биһиги киэҥ эйгэҕэ тахсар тылга-өскө тахсар алҕастары, чуолаан, түһүктэри сыыһа туттууну, чинчийэбит.
Cаха тылыгар түһүк систиэмэтин И.П. Винокуров чинчийэр [5]. Манна түһүктэр суолталара, саха тылыгар өлүктүйбүт түһүктэр көстүүлэрэ, түһүктэр көспүт суолтаҕа туттуллуулара, суолталарын дьүөрэлэһиилэрэ ырытыллар. Маны таһынан ааптар саха тылыгар түһүк сыыһа туттуллуутугар эмиэ тохтоон ааһар, уус-уран айымньыга көстөр холобурдары аҕалтыыр [5, с. 90-93].
Саха тыла нуучча тылын сабыдыалынан олус алдьанан, уларыйан, куорҕалланан эрэрин тыл үөрэхтээхтэрэ М.П. Алексеев-Дапсы [1], [2], [3], [4], Т.И. Петрова [6], [7], [8], [9], [10] чинчийиилэригэр бэлиэтииллэр (өрөспүүбүлүкэбит араадьыйатыгар нэдиэлэ ахсын бар дьон биһирээн истэр тус-туһунан айар биэриилээхтэрэ). Кинилэр, ийэ тылларын таптыыллара бэрт буолан, ардыгар (үксүгэр да диэххэ сөп) куоластара кытаатан кэлэр, ийэ толкубутун сүтэрэн эрэрбититтэн, кэлэр кэнчээри ыччакка тиксэриэхтээх-тиэрдиэхтээх баайбытын аһара дьадатан эрэрбититтэн кыыһыран-абаккаран ылаллар, хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдөөбөппүтүттэн кэлэйэллэр…
Бу үлэҕэ дьон инстаграмҥа таһаарар суруктарыгар алҕастары көрүөхпүт.
Төрүт түһүк. Үгүс блогер билигин хайааһын тиһэх пуунун кэпсииригэр төрүт түһүгү туттар буолла: “Каир куорат (куоракка оннугар) айаннаан иһэбит”; “Ефим Готовцев Москва (Москваҕа оннугар) кэллэ, киирэн көрүҥ”. Бу санааны этэргэ саха тылыгар сыһыарыы түһүк туттуллар, ханна баран иһэри, тиһэх пууну бэлиэтиир.
Туохтуу түһүк оннугар төрүт түһүккэ туруоруу: “Дайвинг көрүҥ” (дайвины оннугар). Бу түбэлтэҕэ блогер чопчу тугу этэрэ биллэр, онон манна туохтуу түһүк туттуллуохтаах.
Туохтуу түһүк. Саха тылыгар көһөр туохтуур көнө толорууну туохтуу уонна төрүт түһүккэ салайар. Этиллэр санаа ис хоһоонуттан, чопчуламмыт эбэтэр чопчуламматах барамай буоларыттан көрөн, бу икки түһүгү сөпкө туттар наадалаах. Биһиги холобурбутугар “Эйигин аһы (ас оннугар) сатаан астаабат дииллэр дии. Эйигин таҥаһы (таҥас оннугар) сатаан сууйбат дииллэр дии. Ити кырдьык дуо?” туохтуур ас, таҥас тыллары туохтуу түһүккэ салайбыта сыыһа-халты туттуу буолар, тоҕо диэтэххэ манна биир чопчу аһылык, биир чопчу таҥас этиллибэт, уопсайынан этиллэр. Онон “ас сатаан астаабат, таҥас сатаан сууйбат” диэн буолуохтаах.
Сыһыарыы түһүк. Сорох блогер санаатын нууччалыы тылбаастаан суруйар. Бу олус толоостук ааҕыллар, сорох түгэҥҥэ блогер тугу этээри гыммыта ситэ өйдөммөт да түбэлтэлэрэ үөскүүллэр. Холобурдарга көрүөҕүҥ.
1 холобур. Олохпут иннигэр (итиннигэр – ааптардар көннөрүүлэрэ) сөпсөһөҕүт дуо? Блогер манна “Вы соглашаетесь, что жизнь такая?” (сложная уо.д.а.). Сахалыы манна Олохпут итиннигин (тугу?) сөпсөһөҕүт дуо? диэн этиллэрэ сөптөөх. Көстөрүн курдук, бу этиигэ сыһыарыы түһүк оннугар туохтуу түһүк туттуллара ордук. Саха киһитэ тугу сөпсөһөҕүн? диэн ыйытар, туохха сөпсөһөҕүн? диэн ыйыппат.
2 холобур. Кыһыҥҥыга хаһаас бэлэм буолла. Манна эмиэ нуучча тылыттан кальканы бэлиэтии көрөбүт: Запас на зиму готов. Ааптар кальканы батыһан, кыһыҥҥы диэн тылы сыһыарыы түһүккэ туруоран, -ҕа сыһыарыыны эбэр – готов к чему? диэн ситими үөскэтэр. Манна салайыы буолбакка, сыстыы ситим туттуллара ордук: кыһыҥҥы хаһаас. Этиини арыый уларытан, Кыһыҥҥы хаһааспыт бэлэм буолла диэн тардыы сыһыарыытын эбэн биэрдэххэ, кэпсэтии өссө ордук истиҥ, киэҥ ааҕааччыга тиийимтиэ, дьайымтыа буолуох этэ.
Таһаарыы түһүк. Кабачоктан икра (кабачуок икрата оннугар). Бу холобур нуучча тылыттан туруору тылбаас буолара тута көстөр (икра из кабачков). Дьиҥ сахалыы саҥаҕа манна тардыы сыһыарыытынан бэриллэрэ ордук — кабачуок икрата.
Иккис холобур: Аҕабыт өрүү этэрэ: “Дьылҕа хаан үөһэттэн (үөһэ оннугар) суруллан (суруйан оннугар) турдаҕа, киһиэхэ төһөнү биэрбиттэринэн оччону олороҕун”. Бу олох сааһыламматах этии буолар, ааҕар киһи бэрт эрэйинэн этии ис хоһоонун өйдүүр. Манна таһаарыы түһүк оннугар үөһэ сыһыатынан биэрии сөптөөх буолуон сөп этэ: “Дьылҕа хаан үөһэ суруйан турдаҕа” эбэтэр “үөһэ суруллан турдаҕа”.
Туттуу түһүк. Саха тылыгар туттуу түһүк уон икки араас суолталааҕын Винокуров И.П. ыйар [5, с. 33-36]. Сүрүн суолтата – туттар сэбин сэбиргэлин бэлиэтээһин. Биһиги аҕалар холобурбутугар таптал тыл туттуу түһүккэ турбута бэлиэтэннэ: Ас диэн алгыстаах буолар. Ас диэн умсугутуулаах буолар. Эйиэхэҕэ тапталынан күннэтэ астаатахтарына, эн сэниэлэнэҕин, эн кыахтанаҕын. Бу түбэлтэҕэ эмиэ нуучча тылыттан туруору тылбаас көстөр (если приготовить с любовью). Манна сөптөөх барыйаан күннэтэ тапталлаахтык астаатахтарына диэн буолар, сыһыатынан бэриллэрэ ордук.
Туттуу түһүк сыыһа туттуута билиҥҥи саха тылыгар биир түбэлтэҕэ олус үгүстүк көстөр. Ол – работать кем? (творительный п.) диэн түһүк ыйытыытын туруору тылбаастааһын буолар. Холобур: Мария Николаевна Ытык-Күөллээҕи бастакы нүөмэрдээх оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Бу саҥаҕа уонна сурукка олус тарҕаммыт сыыһа буолар. Дьиҥ сахалыы учууталлаабыта диир наада.
Онон, түмүктээн эттэххэ, нуучча тылын сабыдыалынан этии тутула, грамматиката эмиэ тосту уларыйан хаалар кутталлаах. Тыл үөрүйэҕин тутуспакка нууччаттан туруору тылбаастаан суруйуу тылы мөлтөхтүк билэри көрдөрөр. Бу ийэ толкуйбутун сүтэрэн эрэрбитин туоһулуур. Түһүгү сыыһа-халты туттуу ааҕааччы өйдүүрүгэр уустуктары үөскэтэр. Ийэ тылбытын чөл хаалларар туһугар тылбытын болҕомтолоохтук туттуохха, көтүмэх сыһыаны тохтотуохха.
Литэрэтиирэ
- Алексеев М.П.-Дапсы. Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 272 с.
- Алексеев-М.П.-Дапсы. Уус – кыһатынан, суруйааччы – тылынан. – Дьокуускай: изд-во ЯГУ], 1994. – 47 с.
- Алексеев-М.П.-Дапсы. Сүр тостубатын. – Дьокуускай: Ситим, 1992. – 110 с.
- Алексеев-М.П.-Дапсы. Иньэ тыл үйэлээх үгэһэ уонна онтон туорааһын : сахалыы һаҥа култуурата. – Дьокуускай, 2013. – 496 с.
- Винокуров И.П. Саха тылыгар падеж системата: студеннарга көмө пособие. – Якутскай: Изд- во ЯГУ, 1977. – 100 c.
- Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах: билиҥҥи саха тылыгар нуучча тылын сабыдыала. – Дьокуускай: Полиграфист, 1996. – 117 с.
- Петрова Т.И., Торотоев Г.Г. Саха тылын функциональнай истиилэ: (эрчиллэр матырыйаал). – Дьокуускай, 2000. – 48 с.
- Петрова Т.И., Ушницкая А.И. Саха тыла: функциональнай стиль төрүтэ уонна тыл-өс культурата: Саха тыллаах студеннарга көмө кинигэ / М. К. Аммосов аатынан Саха гос. ун- та. Саха филологиятын уонна культуратын факультета. – Дьокуускай: Ягу изд-та, 1998. – 125 с.
- Саха тыла – ийэ тыл : Саха тыла – тылбаас тыл буолбатах! – Дьокуускай: Типография ДНиСПО МО РС(Я), 1999. – 69 с.
- Саха тыла: тыл-өс култуурата: сахалыы тыллаах устудьуон үөрэнэр кинигэтэ. – Дьокуускай: ХИФУ Издательскай дьиэтэ, 2015. – 144 с.