21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Владимир Путин Саха сирин дьоно олус талааннааҕын эттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Президенэ Владимир Путин Саха сиригэр кэлэр былааннаах, ити саас эбэтэр сайын буолуоҕа, суруйар ТАСС.

Саха сиригэр Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ командировкатын кэмигэр сылдьыахтааҕа, ити эрээри халлаан туругунан, сөмөлүөт көппөтүнэн, былаан кыаллыбатаҕа.

«Саха сиригэр хас да сылдьыбытым эрээри, бу сырыыга тиийбэтэхпиттэн хомойобун — сөмөлүөт олорор кыаҕа суох, -50 кыраадыс тымныы, туманнаах», — диэтэ Путин суруналыыстарга.

«Баҕар саас, баҕар сайын. Көрүөхпүт», — диэн эппиэттээтэ региоҥҥа сырыы хаһан былааннанарый диэн ыйытыыга хоруйдууругар.

Путин Саха сиригэр музыка оскуолатыгар сылдьыахтааҕын эттэ. «Кэҥиэхтээх, ону көрүөм этэ. Дьону истиэм, кыһалҕалары билиэм, быһаарыыны ылыныахпыт. Бу олус суолталаах, хайаан да барыаҕым», — диэтэ президент.

«Бу улахан өрөспүүбүлүкэ. Дьарыктанарга элбэх хайысха баар. Минеральнай кыаҕа киэҥ, олус киэҥ. Дьоно олус интэриэһинэйдэр, олус талааннаахтар» — диэтэ дойду баһылыга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА