25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Томпо улууһугар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри салгыы туталлар

10:15, 30 сентября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо оройуонугар «Саахалланар уонна хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн 2013-2017 сс. нэһилиэктэргэ аҕыйах этээстээх олорор дьиэлэри  дьиэлэри туталлар.


Былырыын федеральнай бырагырааманан аҕыс дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр, Мэҥэ Алдан, Теплай Ключ, Кириэс Халдьаайы уонна Тополинай сэлиэнньэлэригэр элбэх ыал малааһыннаабыта.

Быйыл Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр, Мэҥэ Алдан уонна Тополинай сэлиэнньэлэригэр саҥа дьиэлэри туталлар. Ол курдук Мэҥэ Алдан сэлиэнньэтигэр Дьокуускай куораттан бэдэрээччит «Атлант» ХЭТ былырыын икки 16-тыы кыбартыыралаах дьиэлэри тутан бүтэрбитэ уонна тута өссө икки 12-лии кыбартыыралаах дьиэ тутуутун саҕалаабыта. Ол дьиэлэри 2016 сыл ахсынньыга үлэҕэ киллэриэхтээхтэр.

Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр 18 уонна 26 кыбартыыралаах дьиэлэри тута сылдьаллар. Тополинай сэлиэнньэтигэр былаан быһыытынан быйыл биэс дьиэни үлэҕэ киллэриэхтээхтэр, онтон үһэ 12-лии уонна иккитэ 10-нуу кыбартыыралаахтар. Саҥа дьиэлээхтэр ахсынньы ыйга көһүөхтээхтэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА