Сунтаар сэлиэнньэтин 23 ыала саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин тутта. «Переселение из ветхого и аварийного жилья на 2019-2025 годы» бырагырааманан тутуллубут дьиэ «Жильё и городская среда» национальнай бырайыагынан үбүлэннэ, суруйар регион салалтатын пресс-сулууспата.
Биэс этээстээх дьиэ тутуутун бастакы түһүмэҕэ 2023 сыл кулун тутарыгар саҕаламмыта. Дьиэ баһаартан сэрэтэр систиэмэлээх, сылаас муосталаах. Уу, электричество уотун, итиини кэмниир учуот тэриллэрэ туруоруллубуттар.
Тутуу иккис түһүмэҕэр өссө 48 кыбартыыра дьоҥҥо бэриллиэҕэ.