10 Ыам ыйа 10.05
  • -1°
  • $ 91,82
  • 98,95

Саха сиригэр үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эбии үп көрдүлэр

11:03, 22 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа бырабыыталыстыбата Саха сиригэр эбии 1,1 млрд. харчыны үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ анаан ыытыаҕа. Тустаах уурааҕы дойду премьер-миниистэрэ Михаил Мишустин баттаата.

Саха сириттэн ураты 14 регионнарга эмиэ эбии үбүлээһини көрдүлэр. Ол быыһыгар – Бурятия, Карелия, Еврейскай автономнай уобалас, Забайкальскай кыраай, Амурскай, Ленинградскай, Магаданскай, Мурманскай уонна Новосибирскай уобаластар, Ненецкай уонна Чукотскай уокуруктар.

Социальнай төлөбүрдэри үлэлээбэт пенсионердар ылаллар диэн санатабыт. Маныаха пенсионер сүрүн дохуотун суумата региоҥҥа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүк буолуо суохтаах.

Эбии үбүлээһин боппуруоһун Бырабыытылыстыба мунньаҕар сэтинньи 17 күнүгэр көрдүлэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА