Ыам ыйын 9 күнүгэр 14:00 — 20:00 чааска Дьокуускайга миэстэлэринэн арыгы атыытын хааччахтыахтара, ол иһигэр пиибэни, сидраны, пуарены уонна медовуханы. Хааччахтааһын Улуу Кыайыы 79 сылын бырааһынньыгын тэрээһиннэринэн ылыллар. Ол туһунан куорат дьаһалтата иһитиннэрдэ.
Хааччахтааһын Богатырев, Хабаров, Богдан Чижик, Губин, Чиряев уулуссаларынан, маны сэргэ 202-с уонна 203-с микрооройуоннарга буолар.
Быһаарбыттарынан, быһаарыы эбии хааччахтааһыннар тустарынан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар олоҕуран ылылынна.