20 Муус устар 20.04
  • 11°
  • $ 93,44
  • 99,58

Саха сирин баһылыга экэниэмикэ үгэс буолбут салааларыгар каадырдары бэлэмниир наадатын туһунан эттэ

14:05, 22 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын сэттис сийиэһин пленарнай мунньаҕар Саха сирин Ил Дархана Егор Борисов хаһаайыстыбалар үлэлэрин сайыннарыы, каадырдары бэлэмнээһин уонна төрөөбүт тыллары харыстааһын туһунан эттэ.


“Хоту дойду олохтохторун туох долгутарый? Хаһаайыстыбаннай үлэни ыытар тирэх суоҕа. Бу балыктааһыҥҥа уонна табаны иитиигэ сыһыаннаах. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын, чуолаан, Арктика госкэмитиэтин маны мунньахха көрөргүтүгэр көрдөһөбүн. Таба иитиитигэр уонна балыктааһыҥҥа көрдөрүүлэр хаһыс да сылын хамсаабакка тураллар”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

“Иккиһинэн, биһиги каадырдарбытын сүтэрэбит. Онон экэниэмикэ үгэс буолбут салааларыгар үөрэтиинэн дьарыктаныахха. Эдэр дьону көҕүлүөххэ”, — диэн эбэн эттэ кини.

Үсүһүнэн, өрөспүүбүлүкэ баһылыга бырабыыталыстыба Россия Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр киирсэр тыл үнүстүтүүттэрин болҕомтоҕо ыларыгар сорудахтаата. Бу тэрилтэ төрүт тыллары харыстааһыҥҥа күүскэ үлэлиэхтээх.

 “Нэһилиэнньэ дьоллоох-соргулаах буолуутун таһыма эмиэ суолталаах. Дьокуускай олохтооҕо асфальт суох диэн аан дойдуга айдаарар. Кини баран Путины утары куоластыыр. Оттон балааккаҕа олорор Хоту дойду олохтооҕо олоҕум тупсуо диэн эрэллээх былаас иһин куолаһын биэрэр”, — диэн уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ туһаайан бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА