19 Бэс ыйа 19.06
  • 15°
  • $ 73,36
  • 85,03

Саха сиригэр икки сыл иһигэр сүүстэн тахса оскуоланы саҥардыахтара

16:03, 15 июля 2022
Читайте нас на

Саха сирэ үөрэх объектарын модернизациялааһын бырагырааматыгар көхтөөхтүк кыттар. Үлэлэр хойутааһына суох бараллар эрээри, муниципальнай үөрэх тэриллиилэрин мэлдьи хонтуруоллуур наада. Ол туһунан Дьокуускай 10 уонна 27 №- дээх оскуолаларыгар сырыы кэмигэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

«Быйылгы сылтан Саха сирэ 2 миллиард 500 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа үөрэх объектарын саҥардааһын бырагырааматыгар кыттар. Быйылгы сылга барыта 38 оскуоланы саҥардан бүтэрэллэрэ былааннанар. Эһиил 66 үөрэх объегар өрөмүөн ыытыллара былааннанар, олортон 20 оскуолаҕа хайыы-үйэ бэлэмнэнии үлэлэрэ саҕаланнылар», — диэн Сергей Местников бэлиэтээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА