22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Горнайга күнүс 2 чаастааҕы туругунан быыбардааччы 34,15%-на куоластаата

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Горнайга алта быыбардыыр учаастак арыллан, 8 ч үлэтин саҕалаата. 6 нэһилиэккэ – Атамайга, Маҥаныга, Маалтааныга, Одунуга, Солоҕоҥҥо уонна Мытаахха депутаттары талыахтара.

Горнай улууһугар бүгүн Маҥаныга, Атамайга уонна Солоҕоҥҥо нэһилиэк баһылыгын талаллар.

Атырдьах ыйын 31 күнүттэн балаҕан 10 диэри болдьох иннинэ куоластааһын ыытылынна.

Одунуга 182 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка уопсай быыбардааччы ахсаана 546, ол иһигэр 10 саҥа быыбардааччы баар. Кинилэр ортолоругар ХИФУ устудьуоҥкатыгар Арианна Петроваҕа  «Бастакы быыбара» буоларын туоһулаан, блокнот уонна уруучуга бэлэх биэрдилэр.

Источник: @silatrudagorny

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА