20 Муус устар 20.04
  • 13°
  • $ 93,44
  • 99,58

282 гектар иэннээх баһаары умуллардылар

11:24, 16 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр ойуур баһаара элбээн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар. Уоту умулларар бөлөх уопсайа 282,5 га иэннээх 7 баһаары умулларда. Ол курдук, Мэҥэ-Хаҥаласка 5 га, Намҥа 20 га, Өлүөхүмэҕэ 180 га, Тааттаҕа 2,5 га уонна Уус Алдаҥҥа 75 га иэннээх умайбыт сири умуллардылар диэн СӨ ойуурун хаһаайыстыбатын департамена биллэрдэ.

Быйыл кураан дьыл буолан, ойуур баһаара түргэнник күөдьүйэр. Баһаары умулларааччылар күүстээх үлэҕэ түбэһэннэр, дьон тиийбэтин биллэрбиттэрэ. Кинилэр Горнайга , Кэбээйигэ, Намҥа,Уус Алдаҥҥа уонна Уус Маайаҕа уопсайа 16 720 га иэннээх 16 баһаары умуллара сылдьаллар.
Уоту кытта охсуһууга уопсайа 576 киһи үлэлиир. Кинилэр истэригэр 286 парашютист уонна десантник баһаарынайдар, 60 ойуур харыстабылын сулууспатын үлэһиттэрэ, 6 ЫБММ үлэһиттэрэ уонна 224 олохтоох дьон үлэлии-хамсыы сылдьаллар. 51 тиэхиньикэ баар.
Ааспыт күннэргэ Өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар ардах түһэн, уоту намыратта ини диэн дьон эрэнэр.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА