28 Кулун тутар 28.03
  • -13°
  • $ 92,59
  • 100,27

Сатаҕайга саҥа бэкээринэ күҥҥэ 200 килиэби астыыр

15:43, 05 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Амма улууһугар Сатаҕай нэһилиэгин олохтоохторо аны бэйэлэрин килиэптэрин сиир буолуохтара. «Эко-энерго» тэрилтэ бу дьыаланы саҕалаата.


Олохтоох ыччат, «Эко-энерго» тэрилтэ дириэктэрэ 25 саастаах Ефим Шишигин нэһилиэгин дьоно бэкээринэтэ суох буолан эрэйдэнэллэрин билэр буолан, бу үлэни тэрийдэ. Киниэхэ улахан көмөнөн «Инстрой. Экоэнерго» тэрилтэтэ көмө-тирэх буолла.

Биир сыл иһигэр дьиэтин-уотун тутан, маҕаһыынаах бэкээринэ бэлэм буолан, от ыйын 5 күнүгэр үөрүүлээхтик аанын аста. Олохтоохтор хайы-үйэ килиэби амсайан, астына сылдаллар. «Бэйэбитигэр килиэп астыыр буолбуттара олус үчүгэй. Оҕобутугар Ефимҥа махталбыт улахан. Урут ыаллыы сытар Алтан нэһилиэгиттэн кэлэр этэ. Уочарат буолара, матар да күннээх этибит. Билигин күннэтэ сибиэһэй килиэби атыылаһабыт», — диэн олохтоох дьон этэллэр.

«Бэкээринэҕэ икки үлэһит килиэп буһарар. Олохтоох дьон. Күҥҥэ иккитэ таһаарабыт, уопсайа 200 килиэп атыыга барар. Мантан сайын отчуттарга, сайылык дьонугар анаан өссө эбэрбит буолуо. 800 гр килиэп 45 солкуобайга атыыга хамаҕатык барар. Инникитин кэҥээн, оборудование атыылаһан, кондитерскай оҥоһуктары оноруохпут», — диэн этэр Ефим Шишигин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар