Быыһааччылар күн аайы профилактическай кэтээн көрүүлэри ыыталлар, рейдэлэр уонна кэпсэтиилэр нэһилиэнньэни кытта «Куттала суох муус» аахсыйа чэрчитинэн бараллар.
Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу нэдиэлэҕэ Алдан, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Нерюнгри, Ньурба, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Быыһааччылар муус анныгар техника түспэтин, дьон өлүүтэ тахсыбатын туһугар сырыы-айан көҥүллэммит эрэ сирдэринэн сылдьаргытыгар сүбэлииллэр.