8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Россияҕа бастакынан адаптивнай үөрэх комплекса Дьокуускайга тутуллуоҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах адаптивнай үөрэх комплекса тутуллуоҕа. Эбийиэк 200 миэстэлээх оҕо саадтаах, 550 миэстэлээх оскуолалаах, ону таһынан 350 миэстэлээх интернат-идэҕэ үөрэтэр оскуолалаах буолуоҕа. Туһааннаах сөбүлэһии республика уонна «ПроШкола» ХЭУо (ВЭБ.РФ) икки ардыларыгар түһэрсилиннэ, диэн СИА кэпсиир.

Сөбүлэһиини Саха сирин экономикатыгар миниистирэ Майя Данилова уонна «ПроШкола» ХЭУо генеральнай директора — «ВЭБ.РФ» госкорпорация бизнес- блок толорооччу директора Алиса Денисова илии баттаатылар. Бырайыак уопсай сыаната — 4,9 млрд солк., итинтэн федеральнай субсидия — 1,3 млрд солк.

«Саамай аныгы уонна Россияҕа маннык киэптээх бастакы адаптивнай комплекс буолар. Комплекс олус кэрэ миэстэҕэ — Сэргэлээх шоссетыгар туруоҕа. Билигин  доруобуйаларыгар хааччахтаах 293 оҕо Дьокуускай араас оскуолаларыгар үөрэнэр, тоҕо диэтэххэ, былырыын 34 №- дээх коррекционнай оскуола үлэтэ тохтообута. 2024 сылга саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ», — диэн республика экономикатын миниистирэ Майя Данилова кэпсээтэ.

Эбийиэк тутуута 2023 сылга саҕаланар.

Хаартыска: Андрей Сорокин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА