29 Кулун тутар 29.03
  • -12°
  • $ 92,26
  • 99,71

Оҕолоох ыаллары өйүүргэ федеральнай бүддьүөттэн эбии 244 мөл солкуобайы көрдүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин элбэх оҕолоох уонна көмөҕө наадыйар ыалларга ыйдааҕы төлөбүрдэригэр диэн регионнарга 35,3 млрд солк. тахса үбү эбии аныыр туһунан дьаһал биэрдэ. Саха сирэ бу сыалга 244 мөл. солк. ылыаҕа, диэн СИА кэпсиир.

Өрөспүүбүлүкэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо үс сааһыгар диэри төлөнөр ыйдааҕы төлөбүрдэри биэрэргэ, эбии 159,8 мөл. солк. үбү ылыаҕа.

Итини таһынан, Саха сиригэр үстэриттэн сэттэлэригэр диэри оҕолоох кыаммат ыалларга ыйдааҕы төлөбүрдэригэр диэн 84,2 мөл. солк. эбии биэрдилэр.

Дойду бырабыыталыстыбатын саайтыгар эбии үбүлээһини тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдээбититтэн сылтаан оҥордулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА