Бүлүү улууһугар бэс ыйын 14 — 15 күннэригэр үгэс буолбут «Бүлүү боотура» национальнай многоборьеҕа турнир буолар. Тэрээһин оройуон ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллар.
Кыайыылаах 500 тыһ солк тутар, суруйар ЯСИА.
Күрэхтэһии ыытыллар киэбэ Дыгын оонньууларыгар атылыы буолуоҕа — ыстаҥа, оҕунан ытыы, сүүрүү, мас-рестлинг, тутум эргиир, хапсаҕай уонна таас көтөҕөн хаамыы.
Тэрийээччилэр хас көрүҥ аайы бириистэри олохтоотулар. Оттон муҥутуур кыайыылаах — 500 тыһ солк, иккис буолбут — 300 тыһ солк, үһүскэ — 200 тыһ солк туттарыахтара.
18-тан үөһэ саастаах ким баҕалаах кыттара көҥүл.
Турнир Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо аймах, Бүлүү улууһугар Степан Аржаков сылларыгар уонна Бүлүү куоратын 390 сааһыгар ананар.