Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр эһиил оскуола-саад дьиэтин үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
«Эбийиэк бастакы сыбаайата былырыын муус устарга түспүтэ. Билигин тутуу 70%-на бүтэн турар», — диир Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев.
Тутуу инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн барар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 522,185 мөл солк көрүллүбүт. Социальнай эбийиэги «Сэттэ» тутуу хампаанньата тутар.
Тэрилтэ дириэктэрэ Николай Скрыбыкин оскуола-саад дьиэтэ 220 үөрэнээччигэ 100 оскуола иннинэ саастаах оҕолорго анаммытын этэр. Оҕо уһуйаанын кытары холбуу тутуллар оскуола дьиэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы бырайыак. Билигин Өктөм оҕолоро мас дьиэҕэ үөрэнэллэр.