29 Муус устар 29.04
  • -4°
  • $ 91,78
  • 98,03

«Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэ Анисия Гаврильевна Габышеваҕа туттарылынна

10:01, 29 ноября 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ, сэтинньи 28 күнүгэр, Анисия Гаврильевна Габышева 100 сааһын туолла. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан киниэхэ «Үйэ саас» уһун үйэлэнии бочуоттаах бэлиэтин туттарда.

Георгий Степанов эппитинэн, билигин Саха сиригэр 100 саастаах 13 киһи баар. Сылын аайы 80-тан тахсыбыт дьон ахсаана эбиллэ турар. «Ол аата биһиэхэ медицина сайдыылаах, социальнай хааччыллыы таһыма улаатар», — диэтэ кини.

Анисия Габышева бэйэтэ этэринэн, уһун үйэлэнии «дьоҥҥо үтүө сыһыан, үтүө кэпсэтии, хамсаныы-имсэнии, сөптөөх ас».

Анисия Гаврильевна Чурапчы улууһун Кытаанаҕар төрөөбүтэ. 2023 сыллаахха уһун үйэтинэн өрөспүүбүлүкэ рекордарын Кинигэтигэр киллэриллибитэ. Саамай киэн туттар бэлиэтэ — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын Учуутала».

«Үйэ саас» бэлиэ 2003 сылтан бэриллэр, 100 тыһ солк бириэмийэлээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА