18 Муус устар 18.04
  • $ 94,32
  • 100,28

Хаҥаластарга Юрий Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый Боотур” олоҥхотун иһитиннэрдэ

15:01, 16 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаҥалас улууһун «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын киинигэр олоҥхоҕо анаммыт бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Нөмүгүттэн, Уулаах-Аантан, Хоточчуттан, Күөрдэм нэһилиэктэриттэн уонна Покровскай куораттан кытыыны ыллылар. Юрий Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый Боотур” олоҥхотун иһитиннэрдэ.


Хаҥалас улууһун «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Лидия Харитонова олоҥхоҕо анаммыт тэрээһиҥҥэ мустубут дьону арчылаата.

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун Лингофольклорнай сиэктэрин сэбиэдиссэйэ, филологическай наука кандидата, «Ыччат олоҥхоһут» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ уонна төрүттээччитэ, олоҥхону айааччы, эдэр олоҥхоһут, олоҥхо ыһыахтарын күрэстэрин кыайыылааҕа, «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» диэн бырайыак ааптара, Амма улууһуттан төрүттээх Юрий Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый Боотур” бэйэтэ айбыт олоҥхотун иһитиннэрдэ. Олоҥхону кэлбит дьон икки чаастан ордук олус чуумпуран олорон иһиттилэр, сэҥээдилэр. Юрий Петрович Борисов олоҥхону үрдүк таһымнаахтык толорбутугар дуоһуйдулар. Кэлбит дьон махталларын уонна айар үлэтигэр, ыччат дьону уһуйар дьоҕура арыллан, өссө да саха норуота өлбөт-сүппэт тылынан уус-уран айымньытын олоҥхону билиһиннэрэ, үөрэтэ тур диэн алҕаан атаардылар.

«Олоҥхо киһи чиэһин үрдүктүк тутарга, киһини сыаналыырга, норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга, ыччаты күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах буоларга, сиэргэ-майгыга иитэр. Былыр норуот олоҥхоҕо умсугуйуута, тардыһыыта түбэһиэхчэ буолбатах. Оччолорго үөрэх-сайдыы намыһах кэрдиискэ турар кэмигэр олонхолооһун улахан суолталааҕа. Олоҥхоһут-айылҕаттан сүдү талааннаах киһи. Ылбычча киһи санаата да олоҥхолоон барбат. Онуоха олонхоһут буоларга үгүс сыра, дьулуур, баҕа наада. Олоҥхоһут бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах. Кини дорҕоонноох тойуксут уонна алгысчыт, сээркээн сэһэнньит уонна алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт уонна үгэһит буолар. Уус-ураннык хоһуйан, кэпсээн, ойуулаан, сахалыы тойугунан, кылыһахтаах ырыаны дьиэрэтэн толорор, ону таһынан олонхоһут хас биирдии дьоруойдарын саҥатын, тойугун, тус-туһунан уратылаахтык оруолга киирэн толорор«, — диэн СИА-ҕа суруйда «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын киинин үлэһитэ Дмитрий Ющенко.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА