Хаҥалас улууһун бөрөһүттэригэр үлэни көҕүлүүр төлөбүрдэрин сууматын улаатыннардылар. Ол туһунан СИА-ҕа улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бөрө ахсаанын сааһылыыр сыалтан, 2021 сылтан биир бултаммыт адьырҕаҕа төлөбүр суумата 5000 солк эбилиннэ. Өскөтүн эрдэ биир аһыылаахха 10 тыһ солк эбит буоллаҕына, билигин 15 тыһ солк буолла. Маннык быһаарыы улуус Сэбиэтин депутаттарын мунньаҕар ылылынна.
Улуус бюджетыттан бу сыалга анаан 285 000 солк көрүлүннэ.
Хамыыһыйаны аҕыс бөрөһүт ааста, кинилэр 19 адьырҕаны бултаатылар.