22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Госдумаҕа биэнсийэлээхтэри албыннаабыт дьон буруйданыыларын кытаатыннарыахтарын баҕараллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Госдумаҕа биэнсийэлээхтэри албыннааччылары дьүүллүүр миэрэни кытаатыннарар былааннаахтар. Аҕа саастаах дьону албыннааһын ыарахан сокуону кэһиигэр киирсиэн син диэн  «Известия» суруйар. Холуобунай кодекска уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барылын парламент Аллараа палататын депутаттарын бөлөҕүн дьүүлүгэр киллэрэр былааннаахтар.

«Миэхэ бэрт элбэх албыннаппыт биэнсийэлээхтэр кэлэллэр, кинилэртэн кыбартыыраларыгар тиийэ былдьыыллар, эбэтэр улахан баҕайы суумаҕа кирэдьиит албыннаан ыллаттараллар, хайа эрэ киһи ыарыйда онно суһал көмө наада диэн сирэйдэнэн. Үксүгэр түөкүттэргэ түбэспит кырдьаҕастары салгыы атын түөкүттэргэ уган биэрэллэр. Биирдэрэ албыннаан сиэртибэ харчытын ылар, иккиһэ кыра төлөбүргэ ол харчыны төнүннэриэм диэн эрэннэрэр уонна эмиэ отоойкоҕо олордор», — диэн Госдума гражданнарга олорор дьиэлэрин бырааптарын хааччыйыыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Светлана Разворотнева кэпсээтэ.

Аҕа саастаах көлүөнэ дьон билиҥҥи сокуоҥҥа соччо быһаарсыбаттар, сонуну Интернекка хасыһан кыайан бэрэбиэркэлээбэттэр, ол иһин чэпчэки сиэртибэ буолаллар, диэн парламентарий быһааран биэрдэ. Кинилэри көмүскүөхпүтүн баҕарабыт: түөкүттэр маннык дьону албынныахтарын иннинэ толкуйдуу түһэллэрин курдук, — диэтэ Светлана Разворотнева.

Ааспыт сылга биэнсийээх саастаах дьону утары түөкүттэр дьайыылара 27% — бу ханнык баҕарар саастаах дьонтон үрдүк көрдөрүү, диэн сокуон барылын бырайыагар эбии сурулла сылдьар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА