12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Бүгүн Саха сирэ Олоҥхо күнүн бэлиэтиир

12:05, 25 ноября
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр.

Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, Айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күүрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта буолар. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан Айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар, суруйар Саха сирэ саайт.

2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедевринэн биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан 2006 сыл сэтинньи 15 к. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар диэн Бикипиэдьийэ суруйар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова