Олоҥхо — саха омук былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.
2005 сыллаахха сэтиньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Сэтинньи 25 диэн Григориан халандаарыгар сыл 329-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 330-c күнэ). Сыл бүтүө 36 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Олоҥхо күнэ
- ХНТ — Дьахтары атаҕастааһыны суох гыныы аан дойдутааҕы күнэ
- Түркменистаан — Үүнүү бырааһынньыга
- Индонезия — Учуутал күнэ
- Таиланд — Вачиравуд ыраахтааҕы кэриэстэбилин күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1735 — Москубаҕа ыраахтааҕы Анна Иоанновна дьаһалынан сүдү улахан «Ыраахтааҕы-куолакал» кутуллубут.
- 1867 — Альфред Нобель динамиты патеннаабыт.
- 1906 — Дьокуускайга уокурук бэрэстэбиитэллэрин мунньаҕа буолбут. Сэриигэ харчы сиэртибэлээһин туһунан, Иркутскайга арыллар университекка харчынан көмө туһунан, уон биэксэл-акушер пууннарын эбии арыйыы туһунан кэпсэппиттэр.
- 1906 — Бу кэмҥэ Саха уокуругар 269 тыһыынча киһи олороро биллибит. Онтон 3600 киһитэ араас буруйдары оҥорон көскө кэлэн олороллор эбит, олортон 900-һэ дьахтар этэ.
- 1906 — Ыраахтааҕы ыйааҕынан Саха уобалаһын губернаторынан Иван Крафт анаммыт. Кини бу солоҕо 1913 сыллаахха дылы олорбута.
- 1936 — Саха АССР саҥа Төрүт сокуонун барыла Сойуус былааһыгар бигэргэтиигэ киирбит.
- 1941 — Финляндия, Румыния, Болгария уонна ньиэмэстэр оккупациялаабыт сирдэригэр баар дойдулар Хорватия, Словакия, Дания Коминтерн утары пакт диэн сөбүлэҥҥэ холбоспуттар. Маны таһынан сөбүлэҥҥэ Япония оккупациялаабыт Кытай сорҕото киирбитэ. Бу сөбүлэҥи бастаан Германия уонна Япония 1936 с. түһэрсэллэригэр Сэбиэскэй Сойууһу утары хайысхалаах этэ, ол иһин «хомуньуус идеологията аан дойдуга тарҕаныытын хааччахтыырга» диэн соруктааҕа, кэлин 1939 с. Германия уонна ССРС ыккардыларыгар атын сөбүлэҥ (Риббентроп-Молотов пакта) түһэрсиллибитин кэннэ, Британияны уонна атын арҕаа дойдулары утары хайысхалана сылдьыбыта.
- 1950 — Кэриэйэ сэриитин кэмигэр ХНТ сэриилэрэ хомуньуустары быһаарыылаахтык кыайан Кытай кыраныыссатыгар тахсыбыттарын кэннэ Кытай аармыйата улахан кимэн киириини саҕалаабыт. ХНТ ыараханнык кыайтаран дойду хотугу аҥаарын сүтэрбит.
- 1965 — ССРС Минцветметын № 32 бирикээһинэн «Якутзолото» производственнай холбоһук тэриллибит.
- 1992 — Судаарыстыба баайын-дуолун Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыккардыларыгар чопчулааһын туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнин уонна СӨ бырабыыталыстыбатын ыккардыларыгар сөбүлэһии түһэрсиллибит. Бу сөбүлэһии түмүгүнэн дойдуну көмүскүүр суолталаах эбийиэктэртэн ураты баай-дуол барыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин бас билиитигэр киирбитэ. Аҕыйах тэрилтэ (холобур Өлүөнэтээҕи өрүс пароходствота) икки хаһаайыннаммыта (совместная собственность) — Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ.
- 2004 — Панкратион Аан дойдутааҕы федерациятын (ATHLIMA) ыҥырыытынан Сидней куоракка буолбут чөмпүйэнээккэ Саха Өрөспүүбүүкэтэ туспа хамаанданнан кыттыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1562 — Лопе де Вега — Испания «Көмүс үйэтин» кэминээҕи уһулуччулаах драматург, бэйиэт, прозаик.
- 1919 — Тимофей Сметанин — саха суруйааччыта, прозаик, бэйиэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Киэҥник биллэр айымньылара: «Лоокуут уонна Ньургуһун» драма, «Егор Чээрин» сэһэн.
- 1925 — Нонна Мордюкова — киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа.
- 1944 — Владимир Яковлев — 1996-2003 сылларга Санкт-Петербург губернатора, 2004-2007 сылларга Арассыыйа Экэниэмикэ сайдыытын миниистирэ. Ийэтэ, фиинн дьахтара, Өлүөхүмэҕэ көскө кэлэн олордоҕуна төрөөбүт.
Өлбүттэр:
- 1886 — Ричард Маак — натуралист, Сибиири уонна Уһук Илини чинчийээччи, педагог. Хас да эспэдииссийэни тэрийэн ыыппыта — ол иһигэр Саха сирин Бүлүү уокуругар (1853—1855 сыллардаахха), аан маҥнай Бүлүү, Чуона, Өлүөхүмэ тардыыларын айылҕатын, геологиятын уонна олохтоохторун чинчийбитэ. Ону таһынан Амур уонна Уссури өрүстэр тардыыларын чинчийбитэ.
- 1962 — Ольга Ионова (07.11.1911 төр.) — сахаҕа бастакы учуонай-устуорук дьахтар, сүрүннээн Өрөбүлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун-дьаһаҕын чинчийбитэ.
- 1970 — Юкио Мисима — дьоппуон литэрэтиирэтигэр XX үйэ иккис аҥаарын саамай биллэр суруйааччыта, драматург.
- 1975 — Лев Габышев — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ. Айар үлэтин сүнньэ — пейзаж.