«Земскэй учуутал» бырагыраамаҕа Саха сиринээҕи оператор докумуоннары тутууну түмүктээтэ. Бу туһунан үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Барыта 194 сайаапка Тываттан, Иркутскай уобаластан, Алтайтан, Липецкай уобаластан, Забайкальскай кыраайтан, Кемеровскай уобаластан, Камчатскай кыраайтан, Ханты-Мансийскай АУо, Краснодарскай кыраайтан, Красноярскай кыраайтан, Ингушетияттан, Тюменьтан, Татарстантан уо.д.а. киирдилэр.
Регионнааҕы оператор сурунаалыгар 69 докумуон хомулунна Липецкай уобаластан, Тываттан, Нижегородскай уобаластан, Свердловскай уобаластан, Красноярскай кыраайтан, Алтай кыраайыттан, Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Ярославльтан, Крымтан уо.д.а.
Муус устар 16 күнүттэн кыайыылаахтары быһаарар хамыыһыйа үлэтэ саҕаламмыта.
Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар вакансиялары уонна сайаапка ахсаанын манна киирэн көр.